Оскуола бырагыраамматынан турбут саха норуотун остуоруйата «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан.
Саха омук былыр-былыргыттан сөбүлээн истэр, уостан уоска, ыччаттан ыччаккка тиэрдэн аҕалбыт остуоруйатынан «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» буолар.
Олунньу 13 күнүгэр, күнүс 2 чаастан, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра бу аптаах остуоруйаны сыанаҕа көрдөрүө.
«Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» испэктээкил Арассыыйаҕа педагог уонна уһуйааччы сылынан, Саха сиригэр Үлэ сылын чэрчитинэн, Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө көрдөрүллүөҕэ.
Туруорааччы режиссер – СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров.
Сценография – СӨ култууратын туйгуна Мария Иванова.
Сүрүн оруолларга – СӨ үтүөлээх артыыската Мария Данилова, СӨ утүөлээх артыыһа Федот Львов, СӨ култууратын туйгуна Изабелла Егорова.
Режиссер Александр Титигиров испэктээкили кылгастык сырдатан, туох уратылаах буолуохтааҕын туһунан маннык кэпсиир:
- Оҕолор испэктээкил кэмигэр харахтара көрөн сэргиирин, үөрэрин туһугар, кинилэргэ кэрэхсэбиллээх буоларын туһугар, көстүүмнэргэ чаҕылхай өҥнөрү тутуннубут, декорацияларбыт, киэргэтиилэрбит олус ураты эриэккэстэр. Маны сэргэ, испэктээкилгэ туттуллар сахалыы иһиттэрбитин киһи саҕа кээмэйдээх гынныбыт. Ол курдук, сыанаҕа оҕолор киһи хараҕар быраҕыллар улахан ыаҕыйалары, кытыйалары, кымыс ытыгын уонна да атын иһиттэри көрүөхтэрэ. Онон, кэлэр кэнчээри ыччаппыт остуоруйа ис хоһоонуттан үтүөнү-мөкүнү араара эрэ буолбакка, сахабыт төрүт иһитин-хомуһун ааттарын билэ үөрэниэхтэрэ…
Дьэ, онон, хас биирдии саха оҕото көрөн сэргиир, харахтыын хайгыыр кэрэхсэбиллээх испэктээкилигэр кэлиҥ диэн ыҥырабыт!
Оҕо-аймах дьону, бэйэлээх бэйэҕит тапталлаах тыйаатыргытыгар күүтэбит!