Бүгүн Саха Республикатын култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Юрий Степанович Куприянов 60 сааһын туолла.
Юрий Степанович 1962 сыллаахха муус устар 9 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар Бүтэйдээх сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Майа орто оскуолатын, Ленинградка Герцен аатынан государственнай педагогическай институту, государственнай сулууспа академиятын бүтэрбитэ. Экономическай наука кандидата. Учуутал,комсомол,совхоз оскуолатын эдэригэр ааспыт, салайар үлэҕэ талааннаах ыччаты үүннэрэн-үрдэтэн республика салалтатыгар таһаарбыттара. СР Правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын ,Президент уонна Правительство Аппараатын салайааччытын курдук үрдуку дуоһунастарга тахсыылаахтык улэлээбитэ. Саха сирин Москватааҕы представительствотын ситиьиилээхтик салайбыта.
2018 сылтан култуура миниистиринэн айымньылаахтык үлэлиир. Профтех үөрэхтээһин уонна каадыры бэлэмнээһин миниистиринэн эмиэ үлэлээбитэ. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар уонна култуурунай нэһилиэстибэ сылыгар республикабытын салайса сылдьар утуе-мааны киһибитин үбүлүөйдээх сааскынан итиитик- истиҥник Саха сирин Уунэр келуенэтин судаарыстыбаннай тыйаатырын бары улэьиттэрин ааттарыттан истицник-иьирэхтик э5эрдэлиибит!
Сахабыт сирин култуурата балысханнык сайда-уунэ турарыгар, тыйаатыр эйгэтэ ситэн- хотон иьэрин туьугар айымньылаах, сыралаах улэ5эр улаханнык махтанан туран туйгун доруобуйаны,күүрээннээх үлэни, дьоллоох дьоһун олоҕу баҕарабыт!