Дойдубут Президенин талыы олус улахан эппиэттээх кэмэ тиийэн кэлэн эрэр. Саха сирин олохтоохторо бары биир киһи курдук быыбарга тахсан, бэйэбит баҕа санаабытын этиэхпитин наада. Бу быыбартан дойдубут салгыы сайдыыта, биһиги олохпут оҥкула улахан тутулуктааҕын бары даҕаны билэбит, өйдүүбүт. Кэнники сылларга Дойдубут үрдүнэн, Сахабыт сирин үрдүнэн бары эйгэҕэ сайдыы күүскэ барбытын көрө-билэ сылдьабыт. Федеральнай таһымҥа, Сахабыт сиригэр араас хайысхалаах, олох бары эйгэтин хабар араас бырагырааммаларынан үп-харчы көрүллэн, нэһилиэнньэ бары араҥатыгар күүс-көмө буола турар. Бюджет эйгэтигэр хамнас биллэрдик үрдээтэ, ону кытта тэҥҥэ олох таһыма эмиэ үрдээн иһэр. Манан сиэттэрэн, дьон-сэргэ инникигэ эрэллээх буолуута, Дойдубут, Сахабыт сирин салалтатыгар эрэнэллэрэ, итэҕэйэллэрэ күүһүрэн иһэр. Улуустарынан сылдьар буолан, олох таһыма тупсан иһэрин көрөбүт, сахабыт дьоно туруктаах олохтоноллоруттан үөрэбит. Дойдубут чахчы атаҕар туран, атын Тас Дойдулар ордук саныыр дойдуларыгар кубулуйда. Дойдубутун кытта сэргэ төрөөбүт төрүт Дойдубут Сахабыт сирэ тэҥҥэ сайдар, үүнэр.
Маны этэн туран, кулун тутар 18 күнүгэр, бу сыллар тухары Дойдутун туһугар үрдүк таһаарыылаахтык, ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбит Президеммитин Владимир Владимирович Путины талан, Дойдубут салгыы сайдыытын, туруктаах буолуутун, инники олохпутун түстүөҕүҥ!
Бары үчүгэйи кытта Саха сирин норуодунай артыыһа Алексей Павлов.