“Кэскил” хаһыат. Муус устар 3 күнэ 2012с. Дүҥүр, табык тыаһа тиҥийэр. Алексей Павлов “Олох-түүл” диэн саҥа туруоруутун билиһиннэрэн эрдэҕинэ, хантан кэлбиттэрэ биллибэт терррористар сырсан киирэн көрөөччүлэри соһуттулар. Бу — А.Е. Кулаковскай айымньыларыгар олоҕурбут “Олох-түүл” театрализованнай дьүһүйүү саҕаланыыта. Көрөөччүлэр бу сырыыга оонньууну сценаҕа тахсан олорон көрдүбүт, оттон артыыстарбыт — сцена ойоҕос өттүттэн, саалаттан биир-биир элэҥнээн киирэн истилэр. Дьүһүйүүгэ биһиги дойдубутун Кытай омук кыҥастаһара, арҕаа дойду сабардыы сатыыра көһүннэ. Сахалыы оһуордаах-мандардаах унтуу, илин кэбиһэр, бастыҥа — дьиҥнээх курдук үөһээттэн түһэн кэллилэр. Кытайдар ону биһиэхэ атыылыы, сыҥалыы сатаатылар. Сүрүн герой, аа-дьуо сылдьар ыал ийэтэ (артыыска Анна Иванова — Флегонтова) көрөөччүлүүн ситимэ үчүгэйдик бэрилиннэ. Дьүһүйүү саха ыалын олоҕун тула буолла. Кинилэр уларыйа-тэлэрийэ турар олох балысханыгар хайдах олороллоро, ол уларыйыылары хайдах ылыналлара чаҕылхайдык көһүннэ.
Айыллыбыт аҕа дойдуларыттан арахсан, биһиги диэки бэриһиэллэнэн эрэр Кавказ дьоно эмиэ чаҕылхайдык киирэн кэллилэр, поеһынан айаннатан кутулла түстүлэр. Олортон биирдэстэрэ санньыйан, санаарҕан аҕай олорор эбит. Саха киһитэ кинини аһына саныыр, күндүлүүр уонна: “Дойдугун ахтар, олус туоххаһыйар буоллаххына, тоҕо бачча ыраах сиргэ кэлэн хааллыҥ?” — диэн ыйытар. Онуоха биирдэһэ: “Аҕабар харчы ыытыахпын наада”, — диэн хоруйдуур.
Саха култууратын сэргиир, сэҥээрэр буолалларын курдук, аныгы ыччаты маныаха сүрүннээн иитэр наадата эмиэ көстөр. Тойуксуттар Мира Охлопкова, Юрий Афанасьев, Петр Андреев толоруулара ааттаах. Артыыстар хас да оруолга тэҥинэн оонньоон, барыга дэгиттэр буолалларын көрдөрдүлэр. Оонньуу тухары бу сиргэ араас норуот көстөн ылла, ол тухары саха дьахтара холку.ю наҕыл майгытын ыһыктыбата, эдэр көрөөччүлэргэ туһаайан “хайдаххытый” диэн ыйыталаһар, өссө көрөөччү оҕолорго кэмпиэттэри түҥэттэ. Сити курдук, соһуччу түгэннэр манна элбэхтэр: көрөөччүлэр оһуокайга киирэн ыллыбыт, аны үрдүбүтүгэр үөһэттэн дуоллар, евро бөҕө кутулла түстэ. Дьүһүйүү түмүгэр саха ыалыгар оҕо төрөөтө, саха өлбөт үөстэннэ.
Көрөөчүлэр хайдах ылыммыттарын маннык үллэһиннилэр.
Тимур ОКОНЕШНИКОВ — 9 кылаас үөрэнээччитэ:
— Дириҥник толкуйдатар, үөрэтэр, киһиэхэ дьэҥкэтик өтөн киирэр саҥа, сонун туруорууну астынныбыт. Барыта дьиҥ олохтон ылыллыбыт буолан, киһини итэҕэтэр. Биһиги бүгүҥҥү олохпут кыһалҕаларын Өксөкүлээх Өлөксөй өтө көрбүтүн сөхтүм.
Валя СТОРОЖЕВА — 8 кылаас үөрэнээччитэ:
— Сүрүн оруолга оонньообут Сэмэнчиги (артыыска Екатерина Семенова) уонна кыыс аҕатын (арт. Юрий Афанасьевы) сөбүлээтим. Хас биирдии киһиэхэ, кырдьаҕаска көмөлөһүөххэ наада, амарах, айыы санаалаах буолуохха диэн өйдөөтүм. Бу туруоруу сахалар атын омук култуураларыттан үлүһүйэрбитин, ону ордорорбутун, салгыы маннык олордохпутуна, устунан суураллан хаалыахпытын сөбүн эмиэ өйдөттө. Сэмэнчик өйдөөх, сүрэхтээх оҕо эбит, олус биһирээтим. Атын оскуола оҕолоро “Олох-түүл” дьүһүйүүнү хайаан да көрдүннэр, тугу эмэ толкуйдаан ыллыннар диэн сүбэлиибин.
Алик ШЕСТАКОВ — 11 кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин Таатта улууһуттан сылдьабын, билигин Айыы Кыһатыгар үөрэнэбин. Үчүгэй дьүһүйүүнү көрдүбүт. Билиҥҥи олохпутугар буола турары артыыстар олус бэркэ оонньоон көрдөрдүлэр. Кинилэргэ барҕа махтал!
Жанна Леонтьева