Уоттаах сэрии сыллара, уостубат таптал суруктара
Оставка5а олорор гвардия старшай лейтенана Павлов Прокопий Алексеевич ахтыылара
Мин 1937-38сс. үөрэх дьылыгар Бүлүү педучилищетын I курсун бүтэрэн баран, 1938-39сс. үөрэх дьылыгар II Күүлэт 5 кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабытым. 1939-40сс. үөрэх дьылыгар III Күүлэт 4 кылаастаах оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим. 1940-41сс. үөрэх дьылыгар Төңүргэстээх 4 кылаастаах оскуолатыгар II-IV кылаастарга учууталлаабытым. Сэбиэдиссэйинэн Бала5аччы уола сэриигэ баран өлбүт Николаев Михаил Егорович этэ. 1941 с. атырдьах ыйын 31 күнүгэр оскуолабытын аһаары бэлэмнэнэн олордохпутуна, киэһэ 10 чааска армия5а ыңырыллар бэбиэскэни туппутум.
Бүлүү куоратыттан бала5ан ыйын 4 күнүгэр “Бүлүү” борокуотунан аттаммыппыт. Бүлүүттэн 620-чэ киһи борокуот иһигэр, Үөһээ Бүлүүттэн биир оччо киһи барҗа5а айаннаабыппыт. Онно уһулуччу күүстээх, сытыы дьоннор бааллара: Степанов Василий (Бөөчүгүрэс бө5ө), Васильев Николай (Мордьоноохоп) – иккиэн Үөһээ Бүлүүлэр, Григорьев Алексей (Хоруодьа уола) II Күүлэттэн (Бүлүү).
Элбэх эрэйинэн, сындал5аннаах айанынан алтынньы 5 күнүгэр саха саллааттара өйдөрүгэр-санааларыгар хаалбыт Мальта станция5а тиийбиппит.
1941 сыллаахха алтынньы 5 күнүттэн 1942с. олунньу 9 күнүгэр диэри Мальта5а 584№дээх байыаннай чаас минометнай ротатыгар сулууспалаабытым. Онтон фроңңа аттаммытым.
1942с. кулун тутар 1-гы күнүттэн 10 күнүгэр диэри 11с.д. 163 с.п. 1-гы батальонугар сылдьыбытым. Онно Мальтаттан 26 минометчик тиийбиппит. Онно бааллара биир дойдулаахтарым: Попов Макарий Дмитриевич, Николаев Александр Николаевич (учуутал, поэт, Үөһээ Бүлүү), Лукин Семен Петрович (Үгүлээт) уонна Үөһээ Бүлүүттэн икки уол. Итиннэ кыргыһыыга Лукин өлбүтүн, Николаев Александр уонна бэйэтэ бааһырбытын туһунан Попов Макарий кэпсиирэ буолуо.
Кулун тутар 10 күнүгэр миигин Ленинградскай фронт младшай лейтенаннарын артиллерийскай-миномётнай курстарыгар ыыппыттара. Аатырбыт Ладожскай күөлү массыынанан түүн туораан, училищебыт баар Всеволожская станция5а тиийбиппит.
Онно кулун тутар 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри 2 сыллаах программаны барбыппыт. Күңңэ 10-нуу чаас үөрэнэбит. Ол үрдүгэр араас үлэлэр, түүңңү тревогалар солону биэрбэт этилэр.
Краткосрочнай курсу бүтэрэн, младшай лейтенант аатын ылбытым. Миномётунан ытыыга уонна ол ытыы даннайдарын суоттааһыңңа, бэлэмнээһиңңэ “5” сыананы ылбытым.
Аны Ладожскай күөлү борокуотунан туораан, сүүрбэччэ буолан, Волховскай фронт штабыгар тиийбиппит. Биир уоллуун 8-с армия 294 стрелковай дивизиятын (СД) 405 отдельнай (туспа аналлаах, наада буолла5ына, ханнык ба5арар полка5а, дивизия5а сыһыарыллар) миномётнай дивизиоңңа взвод командирынан анаммытым. Ити биримэ5э икки дивизия штабтарын икки ардыгар сылдьар сибээс офицера буола сылдьыбытым.
1942с. бала5ан ыйын саңатыгар Ленинградскай уонна Волховскай фроннар блокаданы быһар соруктаах кимэн киириилэрэ буолбута. Тиксиһэллэрэ 8 километр хаалбытын кэннэ немецтэр тиксиһиннэрбэтэхтэрэ. Ити кыргыһыыга бала5ан ыйын 4 күнүгэр снаряд кыырпахтарынан моойум хаңас өттүгэр уонна уңа санным хапта5айын икки сиһим тоно5оһун икки ардыгар бааһырбытым.
Элбэх санчаастары кэритэн, аара снарядым кыырпахтарын ылан баран, Тихвин, Волхов куораттарынан аһаран, Ленинградскай уобаластаа5ы Окуловскай оройуонун Парахино диэн селотугар турар 3859-ус эвакуационнай госпитальга тиэрдибиттэрэ. Онно ахсынньы бастакы күнүгэр диэри эмтэммитим.
Ахсынньы 15 күнүттэн Волховскай фронт Иккис Ударнай армиятыгар бэриллибит 230-ус миномётнай полкатыгар взвод командирынан анаммытым. Ити полк Главнай Командование резервэтэ этэ. Онон ханна наадалаах учаастакка быра5аллара. Полкабыт командира таңнарыахсыт генерал-лейтенант Власов төгүрүктээһиңңэ киллэрэн биэрбит армиятыттан биир полканы таһаарбыт. Оччо5о кини лейтенант эрэ эбит. Ол үтүөтүгэр быһа капитан гыммыттар. Кини Новосибирскай педагогическай институтун нуучча тылыгар преподавателэ Александр Федорович Кудрин диэн этэ. Мин тиийэрбэр майор буолбут этэ. Сүрдээх ирдэбиллээх, культурнай киһи этэ. То5о кинини ахта5ын диэтэххитинэ, кини сабыдыалынан, сирэй холобурунан мин дьиңнээх идэбин өссө баһылаабытым, офицер үрдүк аатын чиэстээхтик илдьэ сылдьар кыахтаммытым.
Мин ити полка5а кэлиэм инниттэн Волховскай фронт бүтүннүүтэ Ленинград блокадатын быһарга бэлэмнэнэр эбит. Ахсынньы ый бүтүүтүгэр өстөөх оборонатын то5у көтөргө үөрэнэр тактическай үөрэх буолбута. Онно биһиги полкабыт кыттыыны ылбыта. Дьиңнээх бойобуой сэптэринэн ытыалыы-ытыалыы “кимэн киирии” буолбута. Полкабыт 120мм калибрдаах 36 миномёттаах этэ. Онон батарея аайы 6-лыы миномёт баара.
Биирдии миномёттан 10-нуу минаны ыппыппыт. Бу үөрэниигэ элбэх миномётнай, артиллерийскай уонна танковай полкалар кыттыбыттара. Онон дьиңнээх сэрии курдук артиллерийскай бэлэмнээһин кэнниттэн танкалары кытта пехота барбыта.
Бэриллибит сыаллары үчүгэйдик таппыппыт иһин полк сирэй састаабыгар махтал бэриллибитэ. Бу үөрэниигэ Верховнай Командование Ставкатыттан т. Ворошилов, Волховскай фронт командующайа, оччотоо5уга армия генерала т. Мерецков, 2-с Ударнай армия командующайа (гражданскай сэрии са5ана Советскай былааһы Халыма5а олохтоспут) генерал лейтенант Романовскай, о.д.а. элбэх генераллар бааллара. Ворошилов офицердары мунньан тыл эппитэ.
Ити кэнниттэн бэлэмнэнии өссө сал5анан барбыта.
1943 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр Ленинград блокадатын быһар иһин кыырыктаах кыргыһыы са5аламмыта. Сарсыарда халлаан сырдыыта Ленинградскай фронт 5 мүнүүтэ урут са5алаабыта. Биһиги Волховскай фроммут артиллерийскай бэлэмнэниитин са5алыыр сигналын “Катюшалар” ытыалаан биллэрбиттэрэ. Икки аңар чаастаах артиллерийскай бэлэмнэнии устатыгар биһиги биирдии миномёттан 300 минаны таһаарбыппыт.
Биэс күннээх кыырыктаах кыргыһыы кэнниттэн Синявино томторун утары баар 5-ис, 8-с рабочай поселоктарга икки фронт сэриилэрэ тиксиспиттэрэ. Ленинград блокадата быстыбыта. Илинтэн Волховстройунан Ленинградка барар тимир суол босхоломмута. Сотору Ленинградка поезтар сылдьар буолбуттара.
Ити кэнниттэн Синявино томторун ылар иһин кыргыһыы са5аламмыта. Бу сүрдээх бө5өргөтүүлээх томтор эбит этэ.
* * *
1941 сыллаахха атырдьах ыйын 31 күнүгэр военкомат бэбиэскэтин туппутум. Бала5ан ыйын 4 күнүнээ5и сарсыарда Бүлүү оройуонун бары нэһилиэктэриттэн 700-чэ киһи Бүлүү куоратыгар мустубуппут. Ити күн “Бүлүү” борокуотунан аттаммыппыт. Биһиги борокуоппут баржатыгар Үөһээ Бүлүү дьоно иһэллэрэ. Эмиэ биир батальон кэриңэ киһи этэ.
Алтынньы саңатыгар Иркутскай уобаласка Мальта станция5а тиийбиппит. Онно ити икки оройуон дьонун икки аңы хайыппыттара. Сорохпут миномётчик, сорохпут пехотинец буолбуппут. Мин миномётнай рота5а түбэспитим, наводчик буолбутум. Мальта5а биһигини олунньу саңатыгар диэри үөрэппиттэрэ уонна олунньу 9 күнүгэр фроңңа ыыппыттара. Ити барыыга минометчиктар 26 этибит. Фроңңа олунньу эргэтигэр тиийбиппит (Ленинградскай фронт, 11 стрелковай дивизия, 163 стрелковай полка). Тиийдэхпит түүн биһигини стройдаппыттара уонна ким разведчик буолар ба5алаа5ын ыйыппыттара. Онно Орто Бүлүү уола Софронов, Ленскэй оройуонуттан Иванов тылламмыттара. Итинтэн ыла мин кинилэри көрбөтө5үм, кинилэр тустарынан тугу да истибэтэ5им.
Сарсыныгар миигин, Александр Николаевич Николаевы (билигин Үөһээ Бүлүү орто оскуолатыгар учууталлыыр) уонна Васильев диэн эмиэ Үөһээ Бүлүү уолун полк штабын харабыллыырга, кухня5а мас бэлэмнииргэ кээспиттэрэ. Биир киһини полк штабыгар писарынан анаабыттара. Онтон атыттарбытын инники кирбиигэ киллэрбиттэрэ. Онно Макарий Попов, Корякин Николай, Прокопьев Александр, Лукин Семен (Үгүлээт), о.д.а. бааллара.
Полк штабын харабыллыырбыт таһынан биһиги инники кирбиигэ, волокуша5а соһон, мина таһарбыт. Дьоммутун онно көрсөн кэпсэтэ түһэрбит. Кулун тутар 9 күнүгэр миигин Колесов диэн старшай сержаны кытта үөрэххэ ыыппыттара.
Кулун тутар 15 күнүгэр Ленинград уобалаһынаа5ы Всеволожскай диэн станция5а баар Ленинград фронугар младшай лейтенаннары бэлэмниир артиллерийскай миномётнай курска курсанынан ылыллыбытым. Бу курска 2 сыллаах программаны түргэн тэтимнээх 3 ыйга бүтэрбиппит. Күңңэ 10 чаас устата үөрэнэрбит, ол таһыгар үлэлиирбит уонна тревоганан түүн туран, бойобуой бэлэммитин көрдөрөрбүт.
1942 сыллаахха бэс ыйын 15 күнүгэр курспутун бүтэрбиппит. Ленинград фронун командующайын 01196 №дээх бирикээһинэн биһиэхэ младшай лейтенант аата иңэриллибитэ. Ити киэһэ сорохпутун Волховскай фроңңа ыыппыттара. Мин эмиэ онно барбытым.
Онон бэс ыйын 20 күнүттэн бала5ан ыйын 4 күнүгэр диэри Волховскай фронт 294-үс стрелковай дивизиятын 405-ис туспа миномётнай дивизионугар взвод командирынан сулууспалаабытым. Ити бириэмэ5э дивизия Погостье станция оройуонугар оборона5а турара.
Бала5ан ыйын саңатыгар Ленинградскай, Волховскай фроннар, Ленинград блокадатын быһарга сорунан, утарыта көрсөрдүү кимэн киирбиттэрэ. Өстөөх авиацията, ити кэмңэ салгыңңа баһылыыр бириэмэтэ буолан, бойобуой техника5а, байыаннай чаастар личнэй састааптарыгар улахан хоромньуну таһаарбыта. Кимэн киирии тохтообута. Фроннар оборона5а киирбиттэрэ.
Мин бала5ан ыйыгар көхсүбэр уонна моойум хаңас өттүгэр снаряд бытархайдарыттан баас ылбытым. Онон ахсынньы 1 күнүгэр диэри Волховскай фронт 3859 №дээх Эвакуационнай госпиталыгар эмтэммитим.
Ахсынньы 10 күнүттэн (1942с.) 1943 сыллаахха ахсынньы 10 күнүгэр диэри Главнай Командование Резервэтэ 230-ус гвардейскай минометнай полка5а миномёт взводун командирынан сулууспалаабытым.
1943 сыллаахха кулун тутар 17 күнүгэр 2 ударнай армия командующайын 0164 бирикээһинэн лейтенан аата иңэриллибитэ.
Воспоминания отставного гвардии старшего лейтенанта
Павлова Прокопия Алексеевича
Я призван в армию 31 августа 1941 года. До этого работал 3 года учителем в начальных классах при образовании I курса Вилюйского педучилища.
После 4-х месячной военной подготовки прибыл миномётчиком на фронт в конце февраля 1942 года.
С 1-го по 13-ое марта участвовал в боях в составе 163 стрелкового полка 11 стрелковой дивизии Волховского фронта.
С 15-го марта по 15 июня окончил 3-х месячные артиллерийско-миномётные курсы младших лейтенантов Волховского фронта.
После курсов был назначен командиром огневого миномётного взвода 405 отдельного миномётного дивизиона 294 стрелковой дивизии Волховского фронта.
4 сентября 1942 года был ранен двумя осколками снаряда и находился на излечении в 3859 Эвакуационном госпитале Волховского фронта.
После излечения командиром миномётного взвода участвовал в боях при прорывах блокады Ленинграда 1943 и 1944 годов в составе 230 миномётного полка Резерва Главного Командования, приданного 2 Ударной армии Волховского фронта.
При первом прорыве 13 января 1943 года Ленинградский фронт начал артиллерийскую подготовку раньше нашего Волховского фронта. Артподготовка длилась в течение двух с половиной часов. Каждый миномёт выпустил по 300 мин. Тогда на каждый километр фронта было установлено до 250 стволов орудий, миномётов и «катюш».
После пятидневных ожесточенных боев два фронта встретились у 5,6,7,8-го рабочих поселков против высотки Синявино.
Там впервые я увидел огромное количество убитых немецких солдат и офицеров.
В этих боях наш 230 миномётный полк уничтожил много живой силы и техники. Только в течение одного дня мы разбили 3 шестиствольных миномёта противника.
Наша 2 ударная армия вошла в состав Ленинградского фронта. Фронт перешел к обороне.
Стоя в обороне, мы весной и летом вели бои, как говорилось тогда, бои местного значения. Задача фронта состояла в том, чтобы противник не перебросил своих воинских частей на Орловско-Курскую дугу.
За отличные боевые действия во время прорыва блокады нашему полку было присвоено звание «гвардейское». Мне присвоили звание гвардии лейтенанта.
Осенью 1943го года нашу армию перебросили за Ораниенбаум через Ленинград по Финскому заливу. Там готовились к окончательному прорыву блокады.
Прорыв был начат 14 января 1944г. В тяжелых боях прорвали блокаду и начали освобождение Ленинградской области.
После прорыва блокады меня назначили офицером связи от штаба корпуса в штабы дивизий, а потом от штаба 189 Краснознамённой Кингиссепской дивизии в штабы стрелковых и артиллерийских полков.
Ленинградская область была полностью освобождена к 26 февраля.
За рекой Нарвой, взяв плацдарм, мы стали в обороне, накопить силы для дальнейшего наступления. Там меня назначили командиром взвода и старшим на огневой позиции миномётной батареи 891 стрелкового полка 189 Краснознаменной Кингиссепской дивизии.
На этой должности я участвовал в освобождении Эстонии и Латвии.
Однажды в августе во время наступательных боев в Эстонии нам стало туго. Пехота понесла большие потери. Приданный нашему стрелковому полку артиллерийский полк отстал позади. Миномётная рота тоже не подошла к переднему краю. Для поддержки немногочисленной пехоты осталась только одна наша миномётная батарея. А батарея имела всего-навсего 13 мин и 4 ствола. В этот день немцы ходили в контратаку 8 раз.
Для подкрепления пехоты от нас взяли 20 человек и рацию. На огневой позиции осталось по 2 человека у каждого миномёта, телефонист и я. Во время каждой контратаки противника мы выпускали по одной, две мины. Так отбивали контратаки немцев, помогая нашей немногочисленной пехоте.
В восьмую контратаку немцы пошли силами 60 человек. Мы из них одной миной уничтожили около 30 человек. Противник больше не ходил в контратаку.
За этот бой меня наградили орденом Красной звезды, а солдат и сержантов – медалями «За отвагу» и «За боевые заслуги».
За освобождение города Риги наш полк стал Рижским.
Только 8 мая 1945 года капитулировала трехсоттысячная Курляндская группировка немцев. Так мы встретили день Победы.
За отличные боевые действия при освобождении городов Тарту, Валга, Рига приказом Верховного Главнокомандующего я получил письменные благодарности. После Победы служил в Воронежском военном округе, а с 1 марта 1946 года – в Порт-Артуре.
Домой вернулся только в январе 1947года. На огневых позициях я провел почти 3 года (969дней) за это время были и большие и маленькие бои. Об этих боях подробно рассказать за несколько минут невозможно. В настоящее время по силе возможности участвую во многих мероприятиях, проводимых в школе и наслеге.
Гвардия лейтенана
Ыраах Эдьигээн быыһынааҕы Дьииҥдьэ чугаһынааҕы Төҥүргэстээх нэһилиэгэр иккис сылын учууталлыы тахсыбыт үрдүк уҥуохтаах бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх эдэр киһи начальнай оскуола биир сырдык кылааһыгар сарсыҥҥы уруоктарыгар бэлэмнэнэ олорбута. Ол олордоҕуна, остуорас оҕонньор оргууй киирэн кэлбитэ. “Оройуонтан киһи кэлбит, сэбиэт эйиэхэ бу сурук ыытта”, — диэн баран, учууталга кыракый лиис кумааҕыны туттаран кэбистэ. Ити курдук 1941 сыл атырдьах ыйын бүтэһик күнүнээҕи киэһэ Прокопий Алексеевич Павлов армияҕа барарга бэбиэскэ туппута.
Сарсыныгар оскуола таһыгар, армияҕа барааччылары атаараары, элбэх киһи мустубута. Хаалааччыларга холоотоххо, барааччылар бары, мунха балыгыттан мууска туспа талыллыбыт бөдөҥ соболор курдук, толуу доруобай уолаттар этилэр. Дьоннорун-сэргэлэрин кытта быраһаайдаһан баран, аҕыс аттаах киһи аргыстаһан, айан суолун тутуһан, “Атарыкаан” күөл илин кэриитинэн, улам түргэтээн, хаппыт тураҥ буору өрүкүтэн, сиэллэрэн дибдитэ турбуттара. Балаҕан ыйын бастакы күнүгэр учуутал П.А. Павлов кылааска оҕолору үөрэтэ киирэрин оннугар Ийэ дойдуга уоран саба түспүт уодаһыннаах өстөөҕү утары уоттаах сэриигэ барбыта.
Ол күһүн Сунтаартан армияєа барбыт биллэр поэт Николай Сергеев Бүлүү оройуонун “Колхоз суола” хаһыатыгар өрдөөҕүтэ бэчээттэппит ахтыытынан, фроҥҥа баран иһээччилэр улуу Лена баһыттан салгыы массыынанан айаннаабыттар. Кинилэри арыаллаан илдьибит нуучча киһитэ командир арахсарыгар, сахаларга туһаайан: “Эһигини тииҥи харахха табаллар дииллэр. Көрөн итэҕэйиэҕи ол тиит төбөтүн тосту ытан түһэриҥ эрэ”,- диэбит. Бүлүүттэн баран иһээччилэр эдэр учуутал Прокопий Павловтан ытарыгар көрдөспүттэр. Онуоха кини, бинтиэпкэни баҕарбатах курдук аа-дьуо ылан, балачча уһуннук кыҥаан баран ыппытыгар, тиит төбөтө тостон, таҥнары кэлэн, кырпай хаардаах сиргэ тура түспүт. Командир сахалары хайҕаабыт уонна: “Фашистары эмиэ бу курдук бэргэнник кыргыҥ”,- диэн алгыы хаалбыт.
П.А.Павлов, кытаанах байыаннай үөрэҕи ааһан, минометнай расчет наводчигын идэтин баһылаан, ефрейтор званиетын ылан, фроҥҥа тиийбитэ. Бастаан батальон штабын харабыллааһыҥҥа уонна минолетунан ытыалааһыҥҥа байыастары үөрэтиигэ сылдьыбыта. Онтон кинини младшай лейтенаннары бэлэмниир артиллерийскай-минометнай курска ыыппыттара. Курсаннары Ленинград таһынааҕы Всеволожскай станцияҕа үөрэппиттэрэ. Ыксаллаах кэм этэ. Фашистар, үгүс сүтүктэрин аахсыбакка, Ленинградка дьулуһаллара. Онон үөрэх икки сыллаах программатын үс ый иһигэр бүтэрбиттэрэ. Павлов экзаменнары “4”, “5” сыаналарга туттартаабыта, ол иһигэр үөрэх практическай өттүгэр, минометунан биирдиилээн ытыыга, километртан ордук сиргэ турар харыйаны соҕотох снарядынан табан “5” сыананы ылбыта.
Младшай лейтенант званиетын ылан, Волховскай фроҥҥа тиийбитэ. Онно кинини стрелковай дивизия 405-с туспа минометнай дивизионун батареятыгар взвод командирынан анаабыттара. 1942 сыл сайыныгар бадарааннаах, торфалаах сирдэринэн кимэн киирэн, Ленинград блокадатын тоҕо көтөргө холонуу оҥоһуллубута. Ол кыаллыбатаҕа. Өстөөх да олус күүстээх этэ. Итиннэ П.Павлов, ыараханнык бааһыран, госпиталга киирбитэ. Үс ый эмтэнэн үтүөрэн, волховскай фроҥҥа бэриллибит иккис Ударнай армияєа сыһыарыллыбыт 230-с туспа минометнай полкаҕа взвод командирынан анаммыта.
1942 сыл кыһыныгар Волховскай фронт Ладожскай күөлтэн Ильмень күөлгэ диэри үс сүүсчэ километрдаах сиргэ обороналанан турара. Ленинградскай уонна Волхоскай фроннар, өстөөх оборонатын тоҕо көтөн, утарыта көрсүһүөхтээхтэрэ. Фроннар икки ардылара баара-суоҕа 12-15 эрэ километр этэ. Ол эрээри манна өстөөх Ленинграды блокадалааһыныгар саамай күүстээх бөҕөргөтүнүүтэ фронт Шлиссельбургско-Синявинскай учаастага, генерал- полковник Линдеман 25 дивизиялаах 18-с армията баара. Бу армия Гитлертан Ленинграды сир сирэйиттэн суох гынар сорудахтааҕа.
Биһиэннэрэ блокаданы тоҕо көтөргө эрдэттэн күүскэ бэлэмнэммиттэрэ. Волковскай фронт устатын тухары хас биирдии километрга ортотунан 140-160, сорох учаастактарга 250-360 пушка уонна миномет туруоруллубута, ол Сталининград аннынааҕы контрнаступлениеҕа туттуллубутунааҕар икки төгүлүнэн элбэҕэ.
Павлов командалыыр взвода Ладожскай күөлтэн балачча ыраах баара. Иннилэригэр икки километр кэриҥнээх сиргэ Синявинскай үрдэллэр маҥан хаар булгунньах буолан көстөллөрө. Фронт былааһын тухары буолуохтаах артиллерийскай бэлэмнэниигэ катюшалар сигнал биэриэхтээхтэрэ.
1943 сыл тохсунньу 12 күнүгэр кэтэһиилээх кэм дьэ кэлбитэ. Сарсыарда 9 чаас 30 мүнүүтэҕэ халллааҥҥа катюшалар снарядтарын сырдык уоттара өстөөхтөр диэки көтөн субуруннаспыттара. “За город Ленина огонь!”- диэн хамаандалар сатараабыттара. Волховскай фронт артиллериянан ытыалааһыныгар анарааттан Ленинградскай фронт холбоһон, өстөөх үрдүгэр алдьархайдаах уот кутуллубута. Икки фронт түөрт аҥар тыһыынча орудиетын уонна минометун тыастара холбоһон, үгүс сүүллэр этиҥнэр тэҥҥэ этэн эрэллэрин курдук ньирилээбитэ. Артиллерийскай бэлэмнэнии 2 чаас 20 мүнүүтэ устатыгар салҕанан барбыта. Сотору Синявинскай үрдэллэргэ ханан да хаар баара көстүбэт хап-хара буолбута. Халлаан балачча тымныытын үрдүнэн артиллеристар итииргээн үгүстэрэ гимнастерканан сылдьыбыттара. Артиллерияҕа эбии штурмовой авиациябыт бомбардировщиктара фашистар тирэх пуунннарыгар модун охсуулары оҥортообуттара.
Артиллерийскай бэлэмнэнии кэнниттэн алларанан пехота халҕаһалыы анньан иннин диэки дьулуспута. Өстөөх ордубут бөҕөргөтүүлэриттэн утары күүстээх уоту аспыта. Ити кимэн кииригэ биэс сууккалаах кыырыктаах кыргыһыы түмүгэр аҕыс рабочай бөһүөлэк босхоломмута. Өстөөх үгүс киһитин сүтэрбитэ. Фашисткай саллааттар уонна офицердар тыһыынчанан өлүктэрэ тоҥмут торфалаах бадарааҥҥа киһи хараҕа кыайан ылбат ырааҕар диэри сылбах курдук сыталларын көрөн, Павлов улаханнык сөхпүтэ.Техниканы да өстөөх элбэҕи сүтэрбит этэ.
Тохсунньу 18 күнүгэр Волховскай уонна Ленинградскай фроннар көрсүспүттэрэ. Ленинград уон алта ыйдаах блокадата дьэ тоҕо көтүллүбүтэ. Ладожскай күөл соҕурууҥу кытылын кыйа 8-10 километр кэтиттээх кыараҕас көрүдүөр үөскээбитэ. Онон тутуллубут тимир суол уонна шоссе устун Ленинград аччыктаабыт нэһилиэнньэтигэр ас-үөл быыстала суох таһыллан барбыта. Ити көрүдүөрү бобор туһугар өстөөх тохсунньу 19 күнүттэн ыла быыстала суох атаакалаабыта. Иккис ударнай армия чаастара ол атаакалары барыларын төттөрү охсо турбуттара.
Ити 1943 сыл сайыныгар Павлов сулууспалыыр полката гвардейскай диэн ааттаммыта. Оттон киниэхэ лейтенант званиетын иҥэрбиттэрэ. Дивизия 1944 сыл олунньу 1 күнүгэр Ленинградскай фронт чаастарын кытта Кингиссеп куораты босхолообута уонна Кингиссепскэй диэн бочуоттаах ааты ылбыта. Гвардия лейтенана П.Павлов үһүс Прибалтийскай фронт ахсыс армиятын Кыһыл знамялаах 189-с Кингиссепскэй дивизиятын 891-с полкатыгар сэрии бүтүөр диэри сулууспалаабыта.
1944 сыл күһүөрү сайын дивизия Эстонияны босхолуурга туруммута, атырдьах ыйын 10 күнүгэр Петсери, итинтэн икки хонон баран, Выру куораттары босхолообута. Эстонияҕа кимэн киирии кэмигэр 891-с полк өстөөх күүстээх тоһууругар түбэспитэ. Ыаллыы полкалар уонна тыыл кэнники ыраах хаалбыт кэмнэрэ этэ. Бу тоһуурга полк батальоннарын байыастарыттан үксүлэрэ өлбүтэ. Инники испит үс самоходнай установка умайбыта. Дивизия командира генерал-майор П.А.Потапов өстөөх минатын оскуолагыттан өлбүтэ. Политотдел начальнига подполковник П.В. Ковешников ыараханнык бааһырбыта. Минометнай рота сэриилэһэр кыаҕын сүтэрбитэ.
Полк командира полковник П.Г. Овчар, орпут күүһү мунньан, оборона оҥостуммута. Онуоха П.Павлов батареятыттан сүүрбэ байыаһы уонна рацияны ылбыта. Онон лейтенант Павлов түөрт минометугар аҕыс киһилээх, уон үс эрэ миналаах хаалбыта. Онтунан круговой оборона оҥостубута. Фашистар тохтоло суох аҕыста атаакалаабыттара. Ону утары биһиэннэрэ биирдии-иккилии эрэ миномету туттар кыахтаахтара. Мүччүргэннээх мүнүүтэлэргэ минометунан даҕаны снайпердыы ытыалыахха сөбө көстүбүтэ. Атаакалартан биирдэстэригэр алта уонча немецтэн аҥардарын соҕотох минанан охторбуттара. Фашистар атаакалыылларын тохтотон, түүн куоппуттара. Гвардеецтар сарсыныгар кинилэри аҕыс уонча километрдаах сиргэ ситэн кыргыһан кыайбыттара.
П.А.Павлов гитлеровскай Германияны кытта сэрии бастакы сылыттан бүтүөр диэри фроҥҥа сылдьыбыт кэмигэр Ленинградскай уобалаһы, Эстонияны, Латвияны босхолоспута. Сэриини Латвияҕа Курляндскай тумул арыыны босхолооһунунан түмүктэспитэ. Минометнай батареяҕа огневой позиция старшайын быһыытынан бары минометтар бойобуой бэлэмнэрин хааччыйбыта, өстөөх техникатын уонна тыыннаах күүһүн бэргэнник ытыалааһыны тэрийбитэ. Командалаабыт минометтарын уоттарыттан немецтэр аатырбыт алта стволлаах реактивнай минометтара, автомашиналара, уоту аһар элбэх точкалара урусхалламмыттара, сүүһүнэн саллааттара уонна офицердара кыргыллыбыттара. Биир тылынан эттэххэ, фроҥҥа баран истэхтэринэ, нуучча киһитэ командир сахалары алгыы хаалбытын курдук, бэргэнник ытыалаан уонна командалаан ытыалатан, үчүгэйдик сэриилэспитэ.
Кини, 1946 сыл сэтинньи саҥатыгар диэри армияҕа сулууспалаан баран, түөһүгэр Кыһыл сулус орденнаах, хас да бойобуой медаллаах, Верховнай Кылаабынай командующай И.В.Сталинтан түөрт махтал суруктаах төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кэлээт, сэрии иннинэ саҕалаан испит үлэтин салҕаан, начальнай оскуола учууталынан үлэлээн барбыта. Үөрэҕин эмиэ салҕаан, Бүлүүтээҕи педагогическай училище иккис, үһүс курстарын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэртээбитэ. Онтон 1952-1953 үөрэх дьылыгар төрдүс курска үөрэнэн, государственнай экзаменнарын барыларын “5” сыаналарга туттартаабыта. Ити кэнниттэн, Бүлүү оройуонуттан ханна да барбакка, I уонна II Күүлэттэр аҕыс кылаастаах оскуолаларыгар уһуннук учууталлаабыта. Киниэхэ 1965 сыллаахха Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталын бочуоттаах аата иҥэриллибитэ.
Төҥүргэстээххэ начальнай оскуолаҕа үөрэппит учууталым, сэрии ветерана Прокопий Алексеевич Павлов бэрт аҕыйах саҥалаах, холку майгылаах киһи. Мин киниттэн сэриигэ кыттыытын туһунан кэпсииригэр көрдөстөхпүнэ ”уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбутум суох”,- диэн сэмэйдик хоруйдааччы. Кэлин эмиэ фроҥҥа сырыыларыттан ахтыы оҥороругар көрдөһөн сурук ыыппытым. Онно кини “Өлө сыспыт түбэлтэлэрим” диэн төбөлөөх ахтыытын ыыппытта. Ону тугу да уларыппакка тылыттан тылыгар суруйдахха маннык: “1942 сыллаах балаҕан ыйын саҥатыгар Волховскай уонна Ленинградскай фроннар, блокаданы быһаары, кимэн киириилэрэ бара турара. Онон биһиги 405-с туспа минометнай дивизиоммут саҥа огневой позицияҕа тиийбитэ. Өстөөх техника, авиация өттүнэн оччолорго быдан баһыйара. Балаҕан ыйын 4 күнүгэр немецтэр сарсыарда халлаан сырдыаҕыттан киэһэ хараҥарыар диэри 40-50 самолеттар бөлөхтөрүнэн кэлэн быыстала суох бомбалаабыттара. Кимэн киирэр сирбит 4-5 эрэ километр кэтиттээх буолан, өстөөхтөр иннибититтэн уонна икки ойоҕоспутуттан курдаттыы ытыалыыллара.
Киэһэлик, огневой позициябытын бөҕөргөтүнэ сырыттахпытына, биир снаряд батарея турар сиригэр түһэн эстибитэ. Миигин үрдүбүнэн ааһан уонча метр кэннибэр түспүт. Иннин диэки барбыт оскуолактара массыына кузовын, икки ойоҕоһун курдаттыы дьөлүтэ көтөн, управление взводун уонна маҥнайгы взвод командирдарын, дивизия парикмахерын харыларын, старшина атаҕын тоһуталаабыттара. Оттон кэннин диэки барбыттар мин моонньум хаҥас өттүгэр, уҥа санным аллараатыгар түспүттэрэ. Кэннин диэки барааччылар мөлтөх буоланнар, көҥүтэ көппөккөлөр, тыыннаах хаалбытым.
Биирдэ батареям командирыттан ыйыы ылан, баран истэхпинэ, туох эрэ кэтэхпэр күүскэ охсорун кытта, кааскам тыаһа чаҥ гына түстэ. Тобуктуу түһэн баран, устунан туора сыыллым. Дьоннор саҥалара “киһини өлөрдө” дэстилэр. Өйдөөн көрбүтүм, эмиэ биһиги курдук 120 мм полковой минометтаахтар огневой позиция оҥосто тураллар эбит. Кинилэр итинник немец снайпера бултаһарын кэпсээтилэр. Пехота инники кирбиитигэр барарбар сэрэххэ кэппит кааскам өлөр өлүүттэн быыһаабыттаах. Ыраах буолан, буулдьа кааскабын хоппотох этэ.
Нарва куораты ылаары 1944 сыллаах сайын кимэн киирии буолбута. Турар сирбит эргиччи бадараан этэ. Онон землянкалары дириҥник хаһар кыах суоҕа. Связистар землянкалара икки эрэ хос мас үрүттээҕэ. Билиитэ курдук айылҕа тааһа элбэх этэ. Таастар бүтэннэр, ону балтараа метр халыҥнаах гына буор куттарбытым. Биһиги аттыбытыгар кэлэн, громкоговорителлаах массыына немецтэргэ агитация оҥорор буолбута. Массыына бараатын кытта немецтэр пушканан ытыалыыллара.
Пехотаҕа баар батареям командирын кытта, связистарга киирэн, кэпсэтэ олордохпута, тыас мэҥэ саалла түстэ. Быыл көппүтүн кэннэ көрбүппут, землянкабыт икки маһа тостон тураллар эбит. Снаряд тааска түһэн эстибит, онон тыыннаах хаалбыппыт.
Биирдэ били эркинин буорун халыҥаппыт землянкабытыгар эбиэттии олордохпутуна, землянкабыт өрө эккирии түстэ. Тахсан көрбүппүт, халыҥатыллыбыт буору метртэн ордугу тоҕо сүргэйэн кэбиспит. Землянка эркин мастара синньигэс этилэр. Онон снаряд иһирдьэ эстиэҕин буор быыһаабыта.
1944 сыллаах атырдьах ыйыгар Латвияҕа саҥа огневой позицияҕа көһүү буолбута. Массыынабыт аҕыйах буолан, мин старшай буоларым быһыытынан бүтэһик расчету кытта көһүспүтүм. Массыынабытыгар миномету состорон, уон дьааһык минаны тиэйэн, аҕыс буолан айаннаан киэҥ баҕайы хонуунан испиппит. Ол истэхпитинэ, өстөөх 18 самолета иһэллэрэ көһүннэ. Ааһаары гынан иһэн алта самолет иннибитигэр, алта кэннибитигэр, алта үрдүбүтүгэр пикировкалаан түстүлэр. “Ханаабаҕа түһүҥ!”,- диэн хаһытаат, ханаабаҕа түстүм. Бомбалар түһэн тэйгэһэн иһэллэрэ көһүннэ. Бомба эстэр тыаһа ньиргийэн олордо. Бомбалаан баран аны пулеметунан ытыалаатылар, онтон тыастара ыраатан барда.
Бомба көмпүт буоруттан нэһиилэ оронон туран көрбүппүт, улахан көһөҥө буор массыынабыт кабинатын хоточчу баттаабыт. Оскуолактар кабинаны, радиаторы хастыы эмэ сиринэн тэһитэ көппүттэр. Кузовы сиидэ курдук оҥорбуттар да, хата миналары эстэрдии таппатахтар. Итиннэ миномет командирын Мелентьевы бомба күдэҥҥэ көтүппүтэ. Наводчик Барановы булдьа атаҕын тоһуппута. Иитээччи Кочневы булдьа көхсүнэн түһэн баран түөһүнэн курдаттыы тахсыбыта, хата сүрэҕин, тыҥатын таарыйбатах этэ. Өскө дьааһыктаах миналар эстибиттэрэ буоллар бары да өлөрдөөх этибит.
Сэриигэ эрэйи харыстаабакка окуопаны хастыы, огневой позицияны землянканы үчүгэйдик оҥостуу улахан көмөлөөх буолаллар этэ. Онтон сэрэҕэ суох, дьалаҕай быһыы сиэртибэлээх буолааччы. Сэрии быһылааннарыгар балартан да атын түбэлтэлэр бааллара.”
Сэрии, үлэ ветерана Прокопий Алексеевич Павлов биир дойдулаахтарын I Күүлэт олохтоохторун истиҥ ытыктабылларынан туһанара. Булка сырыттаҕына, кэлин да сыыһа-халты туттубат бэргэн ытааччы быһыытынан билллэрэ. Кини 1986 сылга өлбүтэ, дойдутугар.
Егор Васильев,
тыыл, үлэ бэтэрээнэ
Сундуук кистэлэҥэ
Таптал суруктара… Сэрии толоонуттан аҕам суруктара… бу суруктар күн сиригэр баалларын ийэбит өлүөр диэри билбэт этибит. Ийэм кимиэхэ да көрдөрбөт биир сундууктааҕа. Ол сундуук иһигэр туох баарын ийэм эрэ билэрэ. Кыра сылдьан ийэм сундуугун иһигэр туох баарын көрүөхпүн олус баҕарарым, ол эрээри ийэбиттэн толлор буоламмын, олох чугаһаабат этим. Улаатан баран дьыалайдаабат буолбутум. Ийэм 1989 сыллаахха ыам ыйыгар күн сириттэн букатыннаахтык барбыта. Оҕолоро мустан ийэбитин тиһэх суолугар атаарбыппыт. Малын-салын хомуйа сылдьан ийэбит сундуугун дьэ аспыппыт. Сундуук иһигэр эргэ хаартыскалары кытта суруктар бааллара. Аҕам суруктара… Ийэм сундуугун иһигэр көмүс да, түүлээх да буолбакка, аҕам сэрииттэн суруйбут суруктара бааллара. Бу этэ, ийэм кимиэхэ да, хаһан да кэпсээбэтэх кистэлэҥ, суос соҕотох баайа-дуола.
Аҕам суруктара… 50-тан тахса сыл анараа өттүгэр суруллубут суруктар. Таптал суруктара… Аҕам оччолорго 24 саастааҕа, оттон ийэм 22-тэ эрэ этэ. Кинилэр эмиэ эдэр буолан сырыттахтара. Кинилэр эмиэ күүстээх таптал диэни биллэхтэрэ… Ол туоһута бу суруктара. Аҕам суруктара… Аҕам 1941 сыллаахха, балаҕан ыйыгар сэриигэ барбыта уонна 1946 сыл сэтинньитигэр түөһүгэр Кыһыл Сулус орденнаах, Верховнай Кылаабынай командованиеттан 4 махтал суруктаах төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Ол кэлээт, ийэбинээн ыал буолбуттара. Билигин кинилэр иккиэн суохтар. Ол гынан баран баар кинилэр суруктара. Кинилэр эдэр саастара. Биһигиттэн ыраах, биһиги билбэт тыйыс эдэр сааспыт.
Сурук орфографиятын уларыппатым.
* * *
Убаастабыллаах Ирина Герасимовна, ыраахтан да буоллар, урукку дьыллардаах оскуолатааҕы табаарыскыттан уоттаах, төлөннөөх дорообото тут!
Доруобуйам үчүгэй. Киһи киһиэхэ кэпсээн кэрэхсэтиэх кэрэ-бэлиэ сонуна суох. Биһиги олохпут бэһиэлэй. Биһиги ханна таптаабыт сирбитигэр: хаар анныгар, бадараан ортотугар, ойуур иһигэр буулдьа, синэрээт ардаҕын быыһыгар хонон-өрөөн сылдьабыт. Ирина, маннык түбэлтэлэргэ биһиги санаабыт түспэт. Биһиги туох иһин охсуһарбытын билэбит. Ол иһин өссө ордук күүһүрэн өстөөххө ыстаал ардаҕын, чугуун төлөнүн тохтообокко кутабыт.
Ирина, мин манна да сылдьаммын урукку эйэлээх олоҕум табаарыстарын, ордук эйиигин умнубаппын. Ол иһин бойобуой олохпуттан суруйарбыттан үөрэбин. Уонна эһигини кытта сибээстэһэн дойдум олоҕуттан суругунан билиэхпин баҕарабын.
Мин минометнай взвод командирынан үлэлиибин. Билигин младшай лейтенанынан сылдьабын. Сотору лейтенант аатын ылыам. Мин саханы 01.03.1942с. көрсө иликпин. Арай биһиги курдук сырайдаах казахтары, узбектары уонна буряттары көрөбүн. Ханна үлэлииргин уонна оройуон нуомаһыттан дэлби суруй.
Мин аадырыһым: Полевая почта 37302 п Павлову Пр. Алек.
Аныгы сурукка диэри быраһаай! Эн олоххор уонна үлэҕэр барыта үчүгэйи баҕарабын.
17.03.1943с.
* *
Өйдөбүл
Ааспыт кэммин санааммын
Алыс күүскэ чэпчээтим.
Эйиэхэҕэ анааммын
Этэн-тыынан эппэйдим.
Иһит эрэ Ира,
Истиҥ тылы этиэхпин.
Уустук санаа аттара
Утах сапка тиһиэхпин.
Оскуолаҕа үөрэнэн,
Оонньоон-күлэн биэрэрбит.
Илиибитин бэрсиһэн,
“Дорообо” – дэһэрбит.
Онтон хойут улаатан,
Оҕолору ииппиппит.
Учууталлаан-уруйдаан,
Сырдык суолга сиэппиппит.
Сынньалаҥҥа көрсүһэн,
Үөрүү дьолун тутарбыт.
Саҥа нуомас истиһэн,
Саараан-тохтоон турарбыт.
Баҕар, миигин Ирина,
Ахтан-санаан ааһыаҕыҥ,
Хоскор дьонуҥ суоҕуна
Ырыа ыллаан саатыаҕыҥ.
Баҕар, олох умнаҥҥын
Суруйаргын тохтотуоҥ.
Түүлгэр көрөн, миигиттэн
Куттанаҥҥын уһуктуоҥ.
Баҕар оскуолаҕа үөрэммит
Сылларбытын өйдүөҕүҥ,
Кэккэлэһэн кэпсэппит
Кэмнэрбитин түһүөҕүҥ.
Баҕар миигин хоруотаан,
Бадарааҥҥа көмүөҕүҥ,
Охсуһуулаах хонууттан
Эргийбэппэр үөрүөҕүҥ.
Баҕар, Ира, эн миигин
Умнубакка кэтэһиэҥ,
“Кыайан-хотон кэлэргин
Баҕарабын” – эрэ диэҥ.
Барытыттан дьэ Ира,
Умнубаккар көрдөһүү,
Күнү- түүнү аһара
Күүтэр буолаар, доҕоччук.
Өстөөх хааннаах сэриитин
Үнтүрүтэн үүрүөхпүт!
Дьоллоох олох кэлиитин
Төрүттээммит төннүөхпүт.
Онуохаҕа диэритин
Олус бэркэ олороор.
Улуу сирдьит этиитин
Уһулуччу толороор.
Нарын кыра тарбаххын
Табаҕайбар тутабын,
Куччугуйкаан бэйэҕин
Хоннохторбор кууһабын.
Хоһоон-ырыа суруйан,
Хоту сиргэ атаардым,
Уостарыттан убураан,
Уһун кэмҥэ мин хааллым.
Манан бүттүм быраһаай,
Көрсүһүөххэ дылытын,
Эппиэт сурук атаараар,
Чэпчии үөрэ ааҕыахпын.
Проня17.03.1943с. Действующая армия.
* * *
Убаастыбыллаах Ирина Герасимовна, охсуһуулаах хонууттан уоттаах-төлөөннөөх бирибиэт!
Нуомас суох. Доруобуйам үчүгэй. Бүгүн Ира, биһиги синэрээт, миинэ көтөр тыастарын аннынан 1 Маай үөрүүлээх бырааһынньыгын атаардыбыт. Бүгүн мин 1 Маай чиэһигэр эппиэттээх дьуһуурунайынан ананным.
Ира, хаһан эрэ биһиги бу күнү толору чуумпу ортотугар, оскуола эдэр ыччаттарын истэригэр атаарар буоларбыт. Оттон бүгүн мин манна бэйэм сир иһинээҕи дьиэбэр олорон урукку ааспыт оҕо саастарбын, ону кытта оскуолаҕа үөрэнэн оонньообут-күлбүт табаарыстарбын санаан аһарабын.
Билигин мин түүн ортото уон чаас ааһыар диэри утуйбакка бойобуой поска олоробун. Таһырдьа мин өрүөллэрим өстөөх өтөн киирэрин үлтүрүтэргэ харабылга тураллар.
Ира, мин хаһан эрэ эйиигин үс чаас саҕана дьиэҕэр атаарбыппын өйдүүгүн дуо? Мин умнубаппын. Эйиигиттэн сурук кэтэһэбин да, туох да суох. Биир эмэ кэрэ тылла кэпсииргэ көрдөһөбүн.
Билсэрдэрбэр уонна табаарыстарбар бирибиэттэ тиэрт. Эн эдэр олоххор уонна үлэҕэр барыта үчүгэйи баҕарабын.
Ира, сурукпар ошибка элбэх дии. Правилалары умнан да бардым. Манна кими да кытта биир да тылы сахалыы кэпсэтэр суох.
Ыллаа миэхэ Ирина,
Ыраах Саха сириттэн,
Уустук ырыа туомуна
Сырдык хстоох дьиэҕиттэн.
Хоһуй миэхэ кыайыыны,
Хойуккугар бэриэттээн,
Мантан төннөн барыыны,
Миэхэ суолбун сирдьиттээн.
Утуй миэхэ Иринам
Улуу күнү атааран.
Түүнүн сытан түһээриий,
Төлкөбүтүн аттаран.
Проня. 01.05.1943с. Действующая армия.
* * *
Привет с фронта!
Ира, дорообо!
Ыраах да буоллар Советскай Союз арҕаа кытыытыттан мин ааппыттан бойобуой приветтэ ону кытта кыра тыллаах сурукта аах. Бүгүн аан дойду үрдүнэн 1 Маай улуу празднига. Бу күн сарсыарда сааскы ыраас салгын, күөрэгэй чыычаах ырыатын ортотугар эн суруккун уонна Мария Петровна суругун биир пакетка туттум. Ол иһин олус улаханнык махтанабын. Уонна миигин умнубаккытыттан олус үөрэбин.
Мин доруобуйам үчүгэй. Нуомас суох. Военнай театр балаһыанньатын кэпсиэм иһин, мин суругум иннигэр эһиги бэйэҕит истиэххит. Мин уруккум курдук үлэлии сылдьабын. Мин урут эйиэхэ элбэхтик суруйан турабын.
Манна сайын буолан эрэр. От-мас көҕөрөн эрэр. Бүгүн кыра былыттаах ичигэс күн. Урукку ааспыт оҕо сааһы саныы-саныы көрүлүөҕү баҕарыллар. Ону условия көҥүллээбэт.
Ира, бүгүн охсуһуу хонуутугар баран иһэбин. Киэһэ тиийиэҕим. Аҕыйах хонугунан биһиги охсуһуубут туһунан истиэххит. Тыыннаах хааллахпына суруйуом, эбэтэр көрүстэхпинэ кэпсиэм. Онуоха диэри бу маннык суруктарынан астынаргар көрдөһөбүн. Биһиги бочуоттаах бойобуой задачаны толороору турабыт. Атыннык эттэххэ, советскай Ийэ дойду бүтэһик лоскуйун өстөөхтөн босхолуохпут. Бу задачаны туйгуннук толорон тыыннаах хааллахпына, эн биһикки көрсүһүүбүт эрэмньилээх буолуоҕа. Онуоха диэри үчүгэйдик үлэлии сырыт. Аныгы сурукка дылы быраһаай!
Эйигин ытыктааччы Проня. Куһаҕаннык суруйбут диэн хоргутума. Полевой суумкам үрдугэр суруйдум. Ахтылҕаннаахтык сыллыыбын-ууруубун.
Проня 01.05.1945с.
* * *
Ыллаа чыычаах
Ыллаа чыычаах, ыллаа даа,
Хайдах сааскы сарсыарда
Көтөр бииһин саҥата
Көҥү бааччы элбиирин.
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Хайдах кини хотоку
Күүтэр чааһын салгытан,
Көрүлүүрүн ыллыырын.
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Хайдах кини хотоку
Миигин кытта көрсүһэн
Мичээрдиирин үөрэрин.
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Хайдах кини хотоку
Сэргэстэһэ хаамсыһан
Сэһэргиирин-кэпсиирин.
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Хайдах кини хотоку
Сүрэҕиттэн долгуйан
Сүбэ тылын этэрин.
“Дьоллоох кэрэ үйэҕэ
Доруобайдыыр буоллахха
Үөрэх-сурук этиитэ
үчүгэйдик иҥиэхтээх”-
ити курдук эппитэ
эппэр хааммар иҥмитин,
эдэр сааспын эппитин
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Күөрэгэйдиир чыычааєым
Көрдөһүүбүн ылынан
Көрүлээри-ыллаары
Көтөн үөһэ даллайда.
01.05.1945с.
* * *
ИРА, ДОРООБО!
Ыраах да буоллар, мин ааппыттан итии сүрэх чувстволаах бирибиэттэ тут, ону кытта кыра сурукта ылан аах.
Мин доруобуйам үчүгэй. Уруккум курдук үлэлии сылдьабын. Условия үчүгэй. Бүгүн, эн кулун тутар ый 15 күнүнээҕи суруктаах хоһооҥҥун тутан олус үчүгэйдик үөрдум. Онон эппиэт сурук ыытаары тиэтэйэбин. Сахалыы хоһоону аахпатаҕым түөрт төгүрүк сыла буолара чугаһаата.
Ира, кистээбэккэ эттэххэ маннык: урукку оскуолатааҕы табаарыһым быһыытынан умнуһуо суохтаахпыт. Урут мин эйиигин таптыыр этим. Ону эйиэхэ соччо биллэрбэт этим. Билигин даҕаны таптыыбын. Онон Ира, мин түмүк тылым маннык: Биһиги уруккубут курдук эйэлээхтик суруһар буолуохпут. Хаһан көрүстэхпитинэ оччоҕуна быһаарыахпыт. Олох былаһыанньата этэн биэриэ. Оннук буолбат дуо?
Ира, эргийэн тиийдэхпинэ аан маҥнай эйиигин көрөр баҕалаахпын уонна ийэбин. Онтон атын чугас дьонум суох. Манан да суруйарым бүтэр.
Убаастабылы кытта Проня. 05.05.1945с.
* * *
ИРА, ДОРООБО!
Ыраах Советскай Латвия арҕаа кытылыттан киэһээҥҥи ыраас салгын хоту итии төлөөннөөх ис сүрэх бирибиэтин кытта кыра суругу тутан аах.
Мин билигин уу чуумпу салгын ортотугар олоробун. Манна төгүрүйэ ойуур. Түннүгүм утары латыш хутордара көстөллөр. Суол устун кыргыттар ааһаллар. Кэтэх тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйар. Онтон мин соҕотоҕун кыра хоспор олоробун уонна төрөөбүт дойдубун ахта саныыбын. Хаһан көҥүл таҥаһы таҥнан эһиги ортоҕутугар оонньуу-көрүлүү сылдьыахпын билбэппин. Бу киэһэлэргэ эн баарыҥ буоллар кэпсэтэ-кэпсэтэ кэрии тыанан күүлэйдии барыах этибит. Ол кэми хаһан күүтүөхпүн бэйэм да билбэппин. Ол да буоллар саатар уоппуска ылан барыам диэн эрэнэ саныыбын. Онуоха диэри бу балаһыанньаны кытта иллэһэн хааларга тиийиллэр.
Хаһан обстановка көҥүллүүрүн күүтэрбэр тиийэбин уонна эһиги эмиэ итини кыта иллэһэргитигэр тиийэҕит.
Мин билиҥҥитэ өлүөрдүк сылдьабын. Уруккум курдук үлэлиибин. Условия үчүгэй. Билиҥҥи бириэмэҕэ биир сиртэн атын сиргэ сылдьабын. Өтөр армияттан дьону ыыталыахтара. Маҥнай кырдьаһаҕы, онтон аан дойду балаһыанньата көрдөрүөҕэ. Манан да суруйарым бүтэр. Аныгы сурукка диэри быраһаайдарыҥ. Төрөппүттэргэр бирибиэт.
С крепким объятием Проня. 03.06.1945с.
* *
“А письмо от девушки в походах-
Лучше нет на свете ничего.
Это не лекарство, нет, не отдых,
Это больше, это торжество!
Это праздник сердца! Это сила!
От которой вся душа поет,
А тоска и все, что нас томило
Тает, как под ярким солнцем лет!
Красивых девушек не счесть,
Веселых и живых
Но лишь одна на свете есть,
Что мне милей других.
Играет честь в жилах кровь
От каждой пары глаз,
Но настоящая любовь
Приходит только раз.”
Ира этот отрывок из журнала “Красноармеец”. Здесь сказано очень правдиво и прекрасно. Поэтому пишу тебе.
Проня.
Алексей Павлов
Ыам ыйын 11 күнэ, 1994 сыл
Победившие смерть и муки
В разгроме врага у стен Невской твердыни участвовали также воины – вилюйчане П.Павлов, С. Лукин (погиб в бою), А. Николаев, П. Николаев и другие. Прокопий Алексеевич Павлов, заслуженный учитель школ Якутии – один из них. В последние годы жизни он преподавал якутский язык и литературу в первой Кулятской средней школе. В один из его нечастых приездов в Вилюйск мне удалось привести ветерана войны на классный час. Ребятам он понравился сразу. Высокий, стройный, с большими выразительными глазами. «За годы войны у меня было множество случаев, когда лишь стечение обстоятельств да солдатская сноровка спасали жизнь, — вспоминал старый солдат. – Помню, в январе 1944 года в Латвии штаб остался с 30-ю пехотинцами и с нашей батареей, оснащенной четырьмя минометами и всего 13-ю минами. Враг окружил нас и атаковал восемь раз. На огневой позиции нас осталось десять человек, а к концу боя уцелели только двое – я и русский парень Василий Фоменко. При каждой атаке выпускали одну мину и лишь в крайнем случае – две. Вокруг нас беспрерывно рвались вражеские снаряды. Это был кромешный ад! Только ночью враг прекратил атаки, а к утру подоспела помощь».
Четыре года П.А. Павлов был в самом пекле войны, участвовал в освобождении России, Латвии, Эстонии, Белоруссии, с марта по ноябрь 1946 года служил в Порт – Артуре. Прокопий Алексеевич был награжден орденом Красной Звезды, тремя боевыми медалями, трижды удостоен благодарности Верховного Главнокомандующего. Он навсегда остался в памяти моих учеников как Человек с большой буквы, как человек – легенда, воин – освободитель.
А. Лазарева
Газета «Республика Саха», 18 января 1995г.
Кыайыы үөрүүтүн билбитэ
Соторутааҕыта Саха телевидениетэ Дьокуускай куоракка Кыайыы 40 сылын бэлиэтиир кэмнэр үөрүүлээх түгэннэрин көрдөрөн ааста. Ол биэриигэ мин аҕабын, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕын көрөн сүрдээҕин үөрдүм, долгуйдум. Аҕам ити юбилей кэнниттэн биир эрэ сыл буолан хаалбыта. Итинтэн сиэттэрэн бу аєам икки хоһоонун бэчээттэтэргэ сананным. Бастакыта биир дойдулаахтарыгар, кыайыыны уһансыбыт, сэрии уотун ортотунан ааһан тыыннаах эргиллибит уонна сэрии толоонугар охтубут буойуттарга ананар. Иккиһэ биһиэхэ, эдэр көлүөнэ, кэлэр кэнчээри ыччакка ананар. Хоһооннор хас сыллаахха суруллубуттара чопчу биллибэт, ол гынан баран, бу сэрии уотун илэ хараҕынан көрбүт, этинэн-хаанынан билбит буойун суруйбута тута биллэр.
Мин аҕам сэриигэ 1941 сыллаахха балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллан барбыта. Суостаах сэрииттэн тыыннаах ордон, кыайыы кынаттанан 1946 сыл сэтинньи саҥатыгар диэри армияҕа сулууспалаан баран, лейтенант званиелаах, “Кыһыл Сулус” орденнаах, хас да бойобуой медаллаах, Верховнай Кылаабынай Командованиеттан түөрт махтал суруктаах төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Кэлээт, ыччаты иитэн-үөрэтэн, учууталлаан барбыта. Киниэхэ 1965 сыллаахха Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталын бочуоттаах аата иҥэриллибитэ. Общественнай үлэттэн туора турбакка активнайдык кыттара. Дойдутун дьонун истиҥ ытыктабылынан туһаныан туһанара. Олус сэмэй, наһаа көнө киһи этэ. Сэрии кыттыылааҕабын диэн биирдэ уочаракка быһа киирбэккэ, льгота көрдөөбөккө сылдьан 1986 сыллаахха өлбүтэ.
* * *
Прокопий Павлов
Аан маҥнай сэрии буолбутун
Бүлүүгэ радио биллэрбитэ,
Өлөрсөр кыргыһыы турбутун
Истэммит, сүрэхпит тэппитэ.
Урукку паркаҕа митини
Райком тэрийэн ыыппыта,
Ол онно иэдээннээх сэриини
Ис дьиҥин быһааран биэрбитэ.
Митиҥҥэ өргөстөөх уот тыллар
Чуумпуга сатара туртара,
Өстбөөххө өстөммүт харахтар
Уотунан-кыымынан туолтара.
Ол курдук биһиги ыччаттар,
Сааһыран даҕаны барбыттар
Билбиппит фашистыын киирсиэҕи,
Олоҕу даҕаны биэриэҕи.
Куораттан, нэһилиэк аайыттан
Эдэрбит, чэгиэммит мунньустан,
Барарбыт күһүн, саас сэриигэ-
Өстөөхтүүн өһүөннээх киирсиигэ.
Барарбыт, алаастан арахсан,
Урууну-аймаҕы хаалларан,
Дьоннорбут, олохпут туһугар,
Төрөөбүт дойдубут иннигэр.
Ол курдук бүлүүлэр барарбыт
Норуоппут күүһүгэр холбоһо;
Аргыардаах айаҥҥа турарбыт
Аналлаах иэспитин толоро!
* * *
Кэс тыл
Биһиги, сэриигэ кыттыбыттар,
Ийэ сирбитин быыһаспыттар,
Ынырык силлиэни ааспыттар,
Өстөөҕү өһөрсүбүт буойуттар,
Сэриигэ бааһыран-сэймэктэнэн,
Сорохтор инвалид буолбуттар,
Будулҕан буурҕаҕа эрийтэрэн,
Баттахпыт эрдэ маҥхайбыттар,
Өстөөхтүүн суоһар хапсыһыыга
Европаҕа хааммытын тохпуттар,
Японияны кытта кыргыһыыга
Китайга көҥүлү аҕалсыбыттар,
Кыайыы үөрүүтүн билбиттэр,
Эйэлээх олоххо тиийбиттэр,
Үлэ күргүөмэр сылдьыбыттар,
Билиҥҥи оло5у айсыбыттар.
Кэрэ кэнчээри ыччаттарга-
Төлөнү күөдьүтүөх кыымнарга
Ийэ дойдубут үрдүк чиэһин,
Киниэхэ төлүүр иэһи
Куруутун умнубат буоларга,
Дьол, эйэ дьиэтин тутуһарга,
Үчүгэй үгэһи харыстыырга,
Үрдүктүк тута сылдьарга,
Аҕа көлүөнэни ытыктыырга,
Кини дьыалатын салгыырга
Ытык кэс тылбытын этэбит,
Эһиэхэ бигэтик эрэнэбит!
Эдэр-эмньик бэйэҕит
Эрэйи-муҥу көрбөтүн,
Хойут кырдьар сааскытын
Хомойуу киртиппэтин!
Сэрии буолбатын туһугар
Өссө күүскэ турунуҥ,
Өстөөх араас албаһыгар
Бэриммэт суолу тутуһуҥ!
Атом эстэр былыта
Халлааммытын саппатын,
Нейтроннай бомба дьайыыта
Тыыннаах тыынын быспатын!
Алексей Павлов
Атырдьах ыйын 23 күнэ, 1995 сыл