Саха Сирин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күннээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» ыйааҕыгар олоҕуран, С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ, олунньу 13 чыыһылата, төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүнэн бигэргитиллибитэ.
Бу күн Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Матрена, Алексей Павловтар салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар сахалыы саҥарар оҕо тыйаатырын устуудьуйата бастакы дьарыктарын ыыппыта — бэйэтэ туспа кэрэ-бэлиэ түгэнинэн, кэскиллээх саҕалааһынынан буолар.
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, култуура тэрилтэлэригэр Оҕо тыйаатырга дьоҕурун сайыннарыы сылларыгар тэриллибит, ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр түстэммит оҕо тыйаатырын устуудьуйата уһун үйэлээх, устуоруйаҕа хаалар ураты дьылҕалаах, үгүс ситиһиилэрдээх буоллун!
Төрөөбүт төрүт тылбыт төлкөлөннүн, ийэ тылбыт илгэлээх буоллун!
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын пресс-сулууспата