Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар саҥа испэктээкил – «Нуоралдьыма чараҥар»!
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Саха сирин норуодунай суруйааччыта, драматург уонна сценарист, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Лугинов 75 сааһыгар анаан, Антон Ботаков туруоруутугар «Нуоралдьыма чараҥар» испэктээкили көрдөрүө.
Оскуолаҕа саха литературатын бырагырааматыгар киирэ сылдьар Николай Лугинов аатырбыт сэһэнигэр сүрүн дьоруой – уончатын туола илик Ньургун уолчаан. Айымньыга буолар дьайыы, көстүү кини аатыттан кэпсэнэр. Уолчаан эбэтинээн уонна аҕатынаан ыар сүтүк аһыыта, аймалҕана ааһа илик, киһи кута-сүрэ ахтылҕантан хараастар сэрии кэннинээҕи уустук кэмҥэ олороохтууллар. Дьоруойдар бары кими эрэ, тугу эрэ өрүү кэтэһэллэр — ыалдьар ийэ үтүөрэн кэлиэҕин, өрүү ханна эрэ түбүгүрэ сылдьар убайдара эргиллиэҕин уонна Нуоралдьыма чараҥар кэскиллээх сэргэх олох саҕаланыаҕын…
«Нуоралдьыма чараҥар» сэһэн Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын туруоруутугар ураты буолла. Манна Ньургун – сааһын толору сиппит эдэр уолан. Кини ааспыт оҕо сааһын долгутуулаах ахтылҕаныгар төннөр. Быдан ааспыт сылларыгар тиийэн, доҕотторунаан оонньуура, эбэтин сырдык ырата, бэйэтин баҕа санаата илэ-чахчы туолбут курдук буолар…
Буолар күнэ: сэтинньи 7 күнэ, 2023 с.
Бириэмэтэ: 18:00 ч.
Туруорааччы режиссер: Антон Ботаков
Туруорааччы худуоһунньук: СӨ култууратын туйгуна Мария Иванова