Таптал суруктара… Сэрии толоонуттан аҕам суруктара… бу суруктар күн сиригэр баалларын ийэбит өлүөр диэри билбэт этибит. Ийэм кимиэхэ да көрдөрбөт биир сундууктааҕа. Ол сундуук иһигэр туох баарын ийэм эрэ билэрэ. Кыра сылдьан ийэм сундуугун иһигэр туох баарын көрүөхпүн олус баҕарарым, ол эрээри ийэбиттэн толлор буоламмын, олох чугаһаабат этим. Улаатан баран дьыалайдаабат буолбутум. Ийэм 1989 сыллаахха ыам ыйыгар күн сириттэн букатыннаахтык барбыта. Оҕолоро мустан ийэбитин тиһэх суолугар атаарбыппыт. Малын-салын хомуйа сылдьан ийэбит сундуугун дьэ аспыппыт. Сундуук иһигэр эргэ хаартыскалары кытта суруктар бааллара. Аҕам суруктара… Ийэм сундуугун иһигэр көмүс да, түүлээх да буолбакка, аҕам сэрииттэн суруйбут суруктара бааллара. Бу этэ, ийэм кимиэхэ да, хаһан да кэпсээбэтэх кистэлэҥ, суос соҕотох баайа-дуола.
Аҕам суруктара… 70-тан тахса сыл анараа өттүгэр суруллубут суруктар. Таптал суруктара… Аҕам оччолорго 24 саастааҕа, оттон ийэм 22-тэ эрэ этэ. Кинилэр эмиэ эдэр буолан сырыттахтара. Кинилэр эмиэ күүстээх таптал диэни биллэхтэрэ… Ол туоһута бу суруктара. Аҕам суруктара… Аҕам 1941 сыллаахха, балаҕан ыйыгар сэриигэ барбыта уонна 1947 сыл сэтинньитигэр түөһүгэр Кыһыл Сулус орденнаах, Верховнай Кылаабынай командованиеттан 4 махтал суруктаах төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Ол кэлээт, ийэбинээн ыал буолбуттара. Билигин кинилэр иккиэн суохтар. Ол гынан баран баар кинилэр суруктара. Кинилэр эдэр саастара. Биһигиттэн ыраах, биһиги билбэт тыйыс эдэр сааспыт.
Сурук орфографиятын уларыппатым.
Алексей Павлов
* * *
Убаастабыллаах Ирина Герасимовна, ыраахтан да буоллар, урукку дьыллардаах оскуолатааҕы табаарыскыттан уоттаах, төлөннөөх дорообото тут!
Доруобуйам үчүгэй. Киһи киһиэхэ кэпсээн кэрэхсэтиэх кэрэ-бэлиэ сонуна суох. Биһиги олохпут бэһиэлэй. Биһиги ханна таптаабыт сирбитигэр: хаар анныгар, бадараан ортотугар, ойуур иһигэр буулдьа, синэрээт ардаҕын быыһыгар хонон-өрөөн сылдьабыт. Ирина, маннык түбэлтэлэргэ биһиги санаабыт түспэт. Биһиги туох иһин охсуһарбытын билэбит. Ол иһин өссө ордук күүһүрэн өстөөххө ыстаал ардаҕын, чугуун төлөнүн тохтообокко кутабыт.
Ирина, мин манна да сылдьаммын урукку эйэлээх олоҕум табаарыстарын, ордук эйиигин умнубаппын. Ол иһин бойобуой олохпуттан суруйарбыттан үөрэбин. Уонна эһигини кытта сибээстэһэн дойдум олоҕуттан суругунан билиэхпин баҕарабын.
Мин минометнай взвод командирынан үлэлиибин. Билигин младшай лейтенанынан сылдьабын. Сотору лейтенант аатын ылыам. Мин саханы 01.03.1942с. көрсө иликпин. Арай биһиги курдук сырайдаах казахтары, узбектары уонна буряттары көрөбүн. Ханна үлэлииргин уонна оройуон нуомаһыттан дэлби суруй.
Мин аадырыһым: Полевая почта 37302 п Павлову Пр. Алек.
Аныгы сурукка диэри быраһаай! Эн олоххор уонна үлэҕэр барыта үчүгэйи баҕарабын.
17.03.1943с.
* *
Өйдөбүл
Ааспыт кэммин санааммын
Алыс күүскэ чэпчээтим.
Эйиэхэҕэ анааммын
Этэн-тыынан эппэйдим.
Иһит эрэ Ира,
Истиҥ тылы этиэхпин.
Уустук санаа аттара
Утах сапка тиһиэхпин.
Оскуолаҕа үөрэнэн,
Оонньоон-күлэн биэрэрбит.
Илиибитин бэрсиһэн,
“Дорообо” – дэһэрбит.
Онтон хойут улаатан,
Оҕолору ииппиппит.
Учууталлаан-уруйдаан,
Сырдык суолга сиэппиппит.
Сынньалаҥҥа көрсүһэн,
Үөрүү дьолун тутарбыт.
Саҥа нуомас истиһэн,
Саараан-тохтоон турарбыт.
Баҕар, миигин Ирина,
Ахтан-санаан ааһыаҕыҥ,
Хоскор дьонуҥ суоҕуна
Ырыа ыллаан саатыаҕыҥ.
Баҕар, олох умнаҥҥын
Суруйаргын тохтотуоҥ.
Түүлгэр көрөн, миигиттэн
Куттанаҥҥын уһуктуоҥ.
Баҕар оскуолаҕа үөрэммит
Сылларбытын өйдүөҕүҥ,
Кэккэлэһэн кэпсэппит
Кэмнэрбитин түһүөҕүҥ.
Баҕар миигин хоруотаан,
Бадарааҥҥа көмүөҕүҥ,
Охсуһуулаах хонууттан
Эргийбэппэр үөрүөҕүҥ.
Баҕар, Ира, эн миигин
Умнубакка кэтэһиэҥ,
“Кыайан-хотон кэлэргин
Баҕарабын” – эрэ диэҥ.
Барытыттан дьэ Ира,
Умнубаккар көрдөһүү,
Күнү- түүнү аһара
Күүтэр буолаар, доҕоччук.
Өстөөх хааннаах сэриитин
Үнтүрүтэн үүрүөхпүт!
Дьоллоох олох кэлиитин
Төрүттээммит төннүөхпүт.
Онуохаҕа диэритин
Олус бэркэ олороор.
Улуу сирдьит этиитин
Уһулуччу толороор.
Нарын кыра тарбаххын
Табаҕайбар тутабын,
Куччугуйкаан бэйэҕин
Хоннохторбор кууһабын.
Хоһоон-ырыа суруйан,
Хоту сиргэ атаардым,
Уостарыттан убураан,
Уһун кэмҥэ мин хааллым.
Манан бүттүм быраһаай,
Көрсүһүөххэ дылытын,
Эппиэт сурук атаараар,
Чэпчии үөрэ ааҕыахпын.
Проня17.03.1943с. Действующая армия.
* * *
Убаастыбыллаах Ирина Герасимовна, охсуһуулаах хонууттан уоттаах-төлөөннөөх бирибиэт!
Нуомас суох. Доруобуйам үчүгэй. Бүгүн Ира, биһиги синэрээт, миинэ көтөр тыастарын аннынан 1 Маай үөрүүлээх бырааһынньыгын атаардыбыт. Бүгүн мин 1 Маай чиэһигэр эппиэттээх дьуһуурунайынан ананным.
Ира, хаһан эрэ биһиги бу күнү толору чуумпу ортотугар, оскуола эдэр ыччаттарын истэригэр атаарар буоларбыт. Оттон бүгүн мин манна бэйэм сир иһинээҕи дьиэбэр олорон урукку ааспыт оҕо саастарбын, ону кытта оскуолаҕа үөрэнэн оонньообут-күлбүт табаарыстарбын санаан аһарабын.
Билигин мин түүн ортото уон чаас ааһыар диэри утуйбакка бойобуой поска олоробун. Таһырдьа мин өрүөллэрим өстөөх өтөн киирэрин үлтүрүтэргэ харабылга тураллар.
Ира, мин хаһан эрэ эйиигин үс чаас саҕана дьиэҕэр атаарбыппын өйдүүгүн дуо? Мин умнубаппын. Эйиигиттэн сурук кэтэһэбин да, туох да суох. Биир эмэ кэрэ тылла кэпсииргэ көрдөһөбүн.
Билсэрдэрбэр уонна табаарыстарбар бирибиэттэ тиэрт. Эн эдэр олоххор уонна үлэҕэр барыта үчүгэйи баҕарабын.
Ира, сурукпар ошибка элбэх дии. Правилалары умнан да бардым. Манна кими да кытта биир да тылы сахалыы кэпсэтэр суох.
Ыллаа миэхэ Ирина,
Ыраах Саха сириттэн,
Уустук ырыа туомуна
Сырдык хстоох дьиэҕиттэн.
Хоһуй миэхэ кыайыыны,
Хойуккугар бэриэттээн,
Мантан төннөн барыыны,
Миэхэ суолбун сирдьиттээн.
Утуй миэхэ Иринам
Улуу күнү атааран.
Түүнүн сытан түһээриий,
Төлкөбүтүн аттаран.
Проня. 01.05.1943с. Действующая армия.
* * *
Привет с фронта!
Ира, дорообо!
Ыраах да буоллар Советскай Союз арҕаа кытыытыттан мин ааппыттан бойобуой приветтэ ону кытта кыра тыллаах сурукта аах. Бүгүн аан дойду үрдүнэн 1 Маай улуу празднига. Бу күн сарсыарда сааскы ыраас салгын, күөрэгэй чыычаах ырыатын ортотугар эн суруккун уонна Мария Петровна суругун биир пакетка туттум. Ол иһин олус улаханнык махтанабын. Уонна миигин умнубаккытыттан олус үөрэбин.
Мин доруобуйам үчүгэй. Нуомас суох. Военнай театр балаһыанньатын кэпсиэм иһин, мин суругум иннигэр эһиги бэйэҕит истиэххит. Мин уруккум курдук үлэлии сылдьабын. Мин урут эйиэхэ элбэхтик суруйан турабын.
Манна сайын буолан эрэр. От-мас көҕөрөн эрэр. Бүгүн кыра былыттаах ичигэс күн. Урукку ааспыт оҕо сааһы саныы-саныы көрүлүөҕү баҕарыллар. Ону условия көҥүллээбэт.
Ира, бүгүн охсуһуу хонуутугар баран иһэбин. Киэһэ тиийиэҕим. Аҕыйах хонугунан биһиги охсуһуубут туһунан истиэххит. Тыыннаах хааллахпына суруйуом, эбэтэр көрүстэхпинэ кэпсиэм. Онуоха диэри бу маннык суруктарынан астынаргар көрдөһөбүн. Биһиги бочуоттаах бойобуой задачаны толороору турабыт. Атыннык эттэххэ, советскай Ийэ дойду бүтэһик лоскуйун өстөөхтөн босхолуохпут. Бу задачаны туйгуннук толорон тыыннаах хааллахпына, эн биһикки көрсүһүүбүт эрэмньилээх буолуоҕа. Онуоха диэри үчүгэйдик үлэлии сырыт. Аныгы сурукка дылы быраһаай!
Эйигин ытыктааччы Проня. Куһаҕаннык суруйбут диэн хоргутума. Полевой суумкам үрдугэр суруйдум. Ахтылҕаннаахтык сыллыыбын-ууруубун.
Проня 01.05.1945с.
* * *
Ыллаа чыычаах
Ыллаа чыычаах, ыллаа даа,
Хайдах сааскы сарсыарда
Көтөр бииһин саҥата
Көҥү бааччы элбиирин.
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Хайдах кини хотоку
Күүтэр чааһын салгытан,
Көрүлүүрүн ыллыырын.
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Хайдах кини хотоку
Миигин кытта көрсүһэн
Мичээрдиирин үөрэрин.
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Хайдах кини хотоку
Сэргэстэһэ хаамсыһан
Сэһэргиирин-кэпсиирин.
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Хайдах кини хотоку
Сүрэҕиттэн долгуйан
Сүбэ тылын этэрин.
“Дьоллоох кэрэ үйэҕэ
Доруобайдыыр буоллахха
Үөрэх-сурук этиитэ
үчүгэйдик иҥиэхтээх”-
ити курдук эппитэ
эппэр хааммар иҥмитин,
эдэр сааспын эппитин
Ыллаа чыычаах ыллаа даа,
Күөрэгэйдиир чыычааєым
Көрдөһүүбүн ылынан
Көрүлээри-ыллаары
Көтөн үөһэ даллайда.
01.05.1945с.
* * *
ИРА, ДОРООБО!
Ыраах да буоллар, мин ааппыттан итии сүрэх чувстволаах бирибиэттэ тут, ону кытта кыра сурукта ылан аах.
Мин доруобуйам үчүгэй. Уруккум курдук үлэлии сылдьабын. Условия үчүгэй. Бүгүн, эн кулун тутар ый 15 күнүнээҕи суруктаах хоһооҥҥун тутан олус үчүгэйдик үөрдум. Онон эппиэт сурук ыытаары тиэтэйэбин. Сахалыы хоһоону аахпатаҕым түөрт төгүрүк сыла буолара чугаһаата.
Ира, кистээбэккэ эттэххэ маннык: урукку оскуолатааҕы табаарыһым быһыытынан умнуһуо суохтаахпыт. Урут мин эйиигин таптыыр этим. Ону эйиэхэ соччо биллэрбэт этим. Билигин даҕаны таптыыбын. Онон Ира, мин түмүк тылым маннык: Биһиги уруккубут курдук эйэлээхтик суруһар буолуохпут. Хаһан көрүстэхпитинэ оччоҕуна быһаарыахпыт. Олох былаһыанньата этэн биэриэ. Оннук буолбат дуо?
Ира, эргийэн тиийдэхпинэ аан маҥнай эйиигин көрөр баҕалаахпын уонна ийэбин. Онтон атын чугас дьонум суох. Манан да суруйарым бүтэр.
Убаастабылы кытта Проня. 05.05.1945с.
* * *
ИРА, ДОРООБО!
Ыраах Советскай Латвия арҕаа кытылыттан киэһээҥҥи ыраас салгын хоту итии төлөөннөөх ис сүрэх бирибиэтин кытта кыра суругу тутан аах.
Мин билигин уу чуумпу салгын ортотугар олоробун. Манна төгүрүйэ ойуур. Түннүгүм утары латыш хутордара көстөллөр. Суол устун кыргыттар ааһаллар. Кэтэх тыаҕа кэҕэ этэн чоргуйар. Онтон мин соҕотоҕун кыра хоспор олоробун уонна төрөөбүт дойдубун ахта саныыбын. Хаһан көҥүл таҥаһы таҥнан эһиги ортоҕутугар оонньуу-көрүлүү сылдьыахпын билбэппин. Бу киэһэлэргэ эн баарыҥ буоллар кэпсэтэ-кэпсэтэ кэрии тыанан күүлэйдии барыах этибит. Ол кэми хаһан күүтүөхпүн бэйэм да билбэппин. Ол да буоллар саатар уоппуска ылан барыам диэн эрэнэ саныыбын. Онуоха диэри бу балаһыанньаны кытта иллэһэн хааларга тиийиллэр.
Хаһан обстановка көҥүллүүрүн күүтэрбэр тиийэбин уонна эһиги эмиэ итини кыта иллэһэргитигэр тиийэҕит.
Мин билиҥҥитэ өлүөрдүк сылдьабын. Уруккум курдук үлэлиибин. Условия үчүгэй. Билиҥҥи бириэмэҕэ биир сиртэн атын сиргэ сылдьабын. Өтөр армияттан дьону ыыталыахтара. Маҥнай кырдьаһаҕы, онтон аан дойду балаһыанньата көрдөрүөҕэ. Манан да суруйарым бүтэр. Аныгы сурукка диэри быраһаайдарыҥ. Төрөппүттэргэр бирибиэт.
С крепким объятием Проня. 03.06.1945с.
* *
“А письмо от девушки в походах-
Лучше нет на свете ничего.
Это не лекарство, нет, не отдых,
Это больше, это торжество!
Это праздник сердца! Это сила!
От которой вся душа поет,
А тоска и все, что нас томило
Тает, как под ярким солнцем лет!
Красивых девушек не счесть,
Веселых и живых
Но лишь одна на свете есть,
Что мне милей других.
Играет честь в жилах кровь
От каждой пары глаз,
Но настоящая любовь
Приходит только раз.”
Ира этот отрывок из журнала “Красноармеец”. Здесь сказано очень правдиво и прекрасно. Поэтому пишу тебе.