Убаастабыллаах Υүнэр кѳлүѳнэ государственнай театрын
артыыстарыгар.
Муус устар 8 чыыһылатыгар 2013 с. Өймѳкѳѳн улууһун Томтор нэһилиэгэр кэлэн олус үрдүк таһымнаах үчүгэй концеры дуоһуйа кѳрѳн, күлбэтэхпитин күлэн-үѳрэн наһаа астынныбыт, үѳрдүбүт. Υйэбит кытта уһууругар, үѳрэ-кѳтѳ, дьон-аймах сыһыаныгар, үтүѳ-майгы ѳрүү баар буоларыгар күүс-кѳмѳ буоллугут дии санаатыбыт.
Тымныы полюһун улахан фестиваль-бырааһынньыга ааспыта 2 эрэ неделя буолла, ол икки ардыгар 10-ча концеры кѳрдүбүт… Саха опера-балета, “Гулун” анс-н, Уус-Алдан дьээбэ-хообо театра уо.д.а. Бу уһук хоту дойду дьонугар ѳрүү да кэлэ туруӊ, үѳрдүӊ, духовно-культуурнайдык сынньанартан ким да сылайбат дии саныыбыт, ордук кѳрѳѳччүлэр. Эһиги артыыстар маннык улахан талааӊӊытыгар сүгүрүйэбит.
Эдэрдиин эмэнниин тэӊӊэ, биир иллээх ыал курдук барытыгар дьоҕургут, биһигини сѳхтѳрдѳ, үѳртэ.
Тыа сирин олоҕор улахан болҕомтону быйыл анаан, дьэ эһиги улахан артыыстары кѳрѳрбүт элбиир ини диэн эрэллээхпит.
Онон эһиги суолгут биһиэхэ үтүѳ санаанан арыллан, ѳссѳ да элбэхтэ кэлиӊ, сылдьыӊ, ыалдьыттааӊ диэн ыӊырабыт.
Биһиги ыраас салгыммыт, уубут эһиэхэ күүс-кѳмѳ буоллун, бары дьиэ кэргэӊӊитигэр, коллективкытыгар дьолу-соргуну, доруобуйаны баҕарабыт.
Артыыстары үгүс дьон ыллыы-туойа, кѳрү-нары эрэ эккирэтэр курдук саныыллара суох буолан эрэр. Эһиги үлэҕит ыараханын, сылаалааҕын ѳйдүүбүт, ону ол диэбэккэ, ону биллэрбэккэ дьон ѳйѳ-санаата тупсарыгар күүс-кѳмѳ буолан бу курдук үтүѳ-мааны дьон буола сылдьыӊ диэн алгыс тылбытын аныыбыт.
Томтор Өймѳкѳѳн улууһун олохтооҕо,
үѳрэҕэрии туйгуна бары кѳрѳѳччүлэр ааттарыттан
Раиса Маркеловна Березкина.
09.04.2013 с.