Ааспыт Баабыр сыла Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар таhаарыылаах, көбүччү ситиhии сиэтиилээх буолла. Ол курдук, Тыйаатыр иhинэн оҕолорго аналлаах устуудьуйа тэриллэн, оҕолор “Бишка и его друзья” диэн мюзикллара Ого көмүскэлин күнүгэр ситиhиилээхтик сүрэхтэммитэ. Ол туhунан биhиги сырдатан турабыт. Ахсынньы ыйга тыйаатыр труппата Индияҕа баран кэллэ. Бүгүн ол туhунан бары сөбүлүүр артыыспыт Алексей Павлов уонна онно сылдьыбыт артыыстар Айталина Ильина, Изабелла Егорова, Илья Яковлев, тыаhы-ууhу оҥорооччу Павел Неустроев, туруорааччы режиссер Александр Титигиров, светооператор Алексей Корякин сырдатыахтара.
Арай Индияҕа тиийбиппит, доҕоор, били киинэгэ эрэ көрбүт арааhынай таксиларбыт быыстала суох сүүрэллэр. Хараҥа тириилээх дьон, сарилаах кыргыттар, дьахталлар, оскуола форматын кэппит мааны бэйэлээх, боччумнаах кыргыттар-уолаттар хаамса аҕай, олору сэргэ атах сыгынньах оҕолор барахсаттар дьэ субу сылдьаллар эбит. Куоракка сүпсүлгэн бөҕө, кэлии-барыы, эргиччи хамсааhын. Россияҕа киэҥник биллэр Баччан артыыс мөссүөнэ рекламнай щитка ыйанан турар. Баччаны бэйэлэрэ эмиэ кэрэхсииллэр эбит. Бары даҕаны Индия киинэлэригэр улааппыт дьон буоллахпыт. Онон Индияны илэ көрөн үөрүүбүт сүҥкэн. Киэhэ аайы муора кытыытыгар олорон кэпсэтэллэрин, сынньаналларын сөбүлүүллэр. Ким да арыгылыы хайыы сылдьыбат. Бары үөрэ-көтө, сэргэхтик туттан-хаптан сылдьаллар. Үүттээх хойуу чэйи иhэри сөбүлүүр дьон эбит. Кэпсэтэр тыллара английскай эрээри, хайдах эрэ, арыый атыннык, бэйэлэрин диалектарыгар тарда соҕус саҥараллар. Итэҕэллэрэ сүрдээх күүстээх: буддизм, сорохторугар ислам. Итэҕэллээх дьон диэх курдук, барыга бары сыhыаннара үрдүк таhымнаах, сиэрдээх, сэмэй. Уонна, сөҕө санаабыппыт диэн, дьадаҥы буолан төрөөбүттэриттэн үгүстэрэ хомойо, дьоло суох, итэгэстээх курдук букатын да санамматтар эбит. Дьаданыларын, буолуохтааҕын курдук, холкутук ылыналлар, олохторун устатын тухары ол сырдык, үтүө тапталлаах ыра санааларыгар олороллор. Баҕар, ол да иhин, итинник майгылаахтара буолуо дии санаатыбыт. Телевидениелэрэ наhаа элбэх ханааллаах. Онно эмиэ түктэрини, хараҥаны, ыараханы олох көрдөрбөттөр. Ырыа, үҥкүү, клип, реклама, таптал, үөрүүлээх түгэннэр, быhатын эттэххэ, олох сырдык, дьоллоох өрүтүн хото сырдаттылар.
Биhиэхэ Россия Индиятааҕы Генконсульствотын эппиэттээх үлэhитэ, дипломат Мария Афанасьева тылбаастаан көмөлөстө. Онон киниэхэ уонна “Чороон-Даймонд” фирмаҕа улаханнык махтанабыт.
Биhиги тыйаатырбыт туруоруутун туhунан “Hindistan time” диэн улахан хаhыаттарыгар суруйбуттар. “Это Я – Эдит Пиаф” диэн 50 мүнүүтэлээх моно-испиктээкил. Көрөөччүлэр букатык уу-чуумпутук көрбүттэр. Индияҕа былыр-былыргыттан бэйэлэрэ тус итэҕэллээх, үрдүк культууралаах, сиэрдээх-майгылаах, тыйаатыры үрдүктк сыаналыыр дьон олорор эбит диэн, биhиги артыыстарбыт чахчы итэҕэйэн, сөҕөн, үөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн кэлбиттэр.
Үтүө түгэн “Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар” итинэн эрэ муҥурдаммат эбит. Саҥа дьыл саҕана Венера Васильевна Корякина, тыйаатыр кылаабынай администратора СР Култууратын үтүөлээх үлэhитэ ааты ылла. Оттон тыйаатыр салайааччылара, төрүттээччилэрэ Матрена Степановна уонна Алексей Прокопьевич Павловтар ыал буолан бииргэ олорбуттара лоп-курдук 30 сылын туолла. Онон, өрүүтүн бииргэ үлэлэhэр дьоммутун, доҕотторбутун ити бэлиэ түгэннэринэн редакция үлэhиттэрин уонна тыhыынчанан ааҕааччыларын ааттарыттан итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит! Эhиги иhирэх, иллээх, эйэлээх эйгэлээх кэлэктиипкитигэр ити курдук өссө да үгүөрү үөрүү, ситиhии, дьоллоох түгэннэр кэлэ турдуннар.