«Кэҕэ» — ийэ уонна оҕо сыһыанын, үлэһит уонна сүрэҕэ суох буолуу содулун, таптал уонна аахайбат буолуу итэҕэһин туһунан киһини олоххо үөрэтэр хотугу норуоттар остуоруйаларынан турбут испэктээкил.
Соҕотох ийэ ыалдьыбытыгар истигэнэ суох оҕолоро уу биэрэн иһэрдибэккэлэр кэлэйэн Кэҕэ буолар.
Оҕолорго төрөппүтү таптыырга, үлэтин сыаналыырга уонна көмөлөһөргө үөрэтэр остуоруйа.
Остуоруйаҕа норуот өркөн өйө, өс хоһоонноро саспыттар. Ону таайыаххын баҕарар буоллаххына «Кэҕэ» испэктээкили кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт!
Туруорааччы режиссер: СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров
Туруорааччы худуоһунньук: СӨ култууратын туйгуна Егор Аммосов.