Быйыл тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиир Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын айар кэлэктиибэ бу күннэргэ Улан-Удэнэн, Москванан, Казанынан гастролга айанныырга бэлэмнэнэр. Онно саха артыыстара Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятелэ Александр Титигиров туруоруутугар Николай Гоголь “Вий” сэһэнинэн “Три ночи” уонна хотугу норуоттар номохторугар олоҕурбут “Дьол тааһа” испэктээктэри көрөөччү дьүүлүгэр таһаарыахтара.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, http://edersaas.ru
Соторутааҕыта тыйаатыр салайааччылара Москваҕа тиийэн Судаарыстыбаннай Дуума култуураҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Драпеконыкытта көрүстүлэр. Көрсүһүү Саха сириттэн парламент алын палаататын дьокутаата Галина Данчикова көҕүлээһининэн буолла.
Елена Драпеко регионнарга тыйаатырдар бүгүн тугунан тыынан, хайдах дьаһанан олороллорун кытта билсии киниэхэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ, Галина Иннокентьевнаҕа көрсүһүүнү тэрийбитигэр махтанна.
Тыйаатыр салайааччылара Матрена уонна Алексей Павловтар айар кэлэктиип үлэтин-хамнаһын, ситиһиилэрин кытта сиһилии билиһиннэрдилэр.
Елена Драпеко духуобунай, сиэр-майгы сыаннастарыгар иитии оҕо кыратыттан барыахтааҕын ыйан туран, сүрүннээн биирдэриттэн түөртэригэр диэри саастаах кырачаан көрөөччүлэр тыйаатырдар болҕомтолорун тас өттүгэр хааларын бэлиэтээтэ. Онон тыйаатыр репертуарын кырачааннарга аналлаах испэктээктэринэн байытан биэрэргэ баҕа санаатын эттэ.
Салгыы Саха сирин тыйаатырдара граннарга кыттыыларын, дойду устун гастролларын тэрийии туһунан санааларын үллэһиннилэр. 2020 сылга диэри тыйаатыр искусствотын сайыннарыы концепциятын дьүүллэстилэр. Елена Драпеко Госдума култуураҕа кэмитиэтэ Концепцияны олоххо киллэрии туһунан парламент истиилэрин тэрийэн ыытар, онно регионнар тыйаатырдарын кытыннарар былааннааҕын иһитиннэрдэ.
Алексей Павлов, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта: