Үүммүт саҥа сыл бука барыбытыгар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, үтүө түмүктээх үлэни, кэскиллээх саҕалааһыннары, үүнүүлээх түбүктэри, барҕарыыны, уостубат уйгуну, быстыбат быйаҥы уонна дьолу-соргуну аҕаллын!
Айыыһыт Сылынан
Ахтар Айыыһыппыт аргыстастын,
Эдьэн Иэйэхсит хотуммут эҥээрдэстин,
Түөрт өттүттэн күрүөлэнэн
Тас өттүттэн харысхалланан
Бигэ туруктаах,
Ыраас ыра санааланыах
Сайда турар саргыланыах
Эбиллэ турар билиилэниэх,
Үллэ турар үптэниэх!
Дом!
Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Матрена уонна Алексей Павловтар салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кэллэктиибэ