О нас пишут Алексей Павлов: «Миэхэ, виноград элбэх!» by ogoyukin 03.02.2011 03.02.2011 Поделиться в WhatsAppАаспыт сыллааҕы ситиhиилэрин истээри-билээри “Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын” (ТЮЗ) салайааччыта Алексей Павловы көрсөөрү оҥостубутум, киhим Медкииҥҥэ эмтэнэ киирэн хаалбыт эбит. Хайыамый, болдьоhон баран тиийдэҕим дии. Манна мээнэ киллэрбэттэр, кириип үгэнэ. Онон мааска, бахла кэтэн, “дьиҥнээх балыыhа олохтоохторун”уобараhын ылынан иhирдьэ киирдим… -Урукку “Көр-күлүү тыйаатыра” “Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра” диэн саҥардыллан үлэлээбитэ кулун тутар 1 күнүгэр лоп курдук 3 сылын туолар, — диэн норуот тапталлаах артыыhа Алексей Павлов кэпсээнин саҕалыыр. -Ааспыт сыл “Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар”кэккэ ситиhиилэрдээх ааста. Былырыын муус устарга Санкт-Петербург куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы “Арлекин” оҕо тыйаатырдарын VII бэстибээлигэр А.Титигиров “Дьол тааhа” диэн испиктээкилинэн кыттан, “Режиссер бастыҥ үлэтэ” аатын ылбыппыт. Мантыҥ биhиги эйгэбитигэр “Кыhыл көмүс мааскаттан” итэҕэhэ суох сыанабыл. Дьүүллүүр сүбэ 200 испэктээбилтэн 6 бастыҥы талбыта. Инньэ гынан, биhиги Москуба, Санкт-Петербург, Уфа, Омскай, Калининград курдук улахан куораттар тыйаатырдарын куоhарбыппыт. Бэс ыйыгар Монголияҕа “Тыйаатыр. Оҕолор. Инникибит.” Диэн бэстибээлгэ олус бэркэ кытынныбыт. Оттон ахсынньы ортотугар “Азия ыччатын тыйаатырдарын нэдиэлэтигэр” Индия Мумбай (уруккута Бомбей) куоратыгар “Бу мин – Эдит Пиаф” диэн 3 киhилээх моно-испиктээкилбитинэн кыттан кэллибит. Тыйаатыр иhинэн култуура туйгуна Вера Ефремова салайааччылаах, 30 оҕолоох “ТЮЗ-school” диэн оҕо устуудьуйата үлэлиир. Бу оҕолорбут Саҥа дьылга “Бишка уонна кини доҕотторо” испэктээги туруоран үлэ бөҕөнү үлэлээтилэр. Оҕо тыйаатыра буолан элбэх иитэр-үөрэтэр суолталаах үлэни ыытабыт. Баhаартан сэрэтэр, суол быраабылатыгар үөрэтэр испэктээктэринэн улуустарынан, куоракка даҕаны гастроллуубут. Оскуола бырагыраамматынан хас да туруоруулаахпыт. Үлэ элбэх. Ол курдук, сарсыарда оҕо саадтарыгар, эбиэт кэннэ оскуолаларга, оттон киэhэ улахан дьоҥҥо анаан испэктээктэри көрдөрөбүт. Ол туруорууларбытын барытын видеоҕа устан мунньан иhэбит. Онтон үөрэх бырагырааматыгар сыhыаннаахтарын учууталлар кэлэн устан ылан үлэлэригэр туhаныахтарын сөп. Кыайыы 65 сылыгар анаан “А зори здесь тихие” уонна “Дьикти саас” диэн испэктээктэрбит улахан биhирэбили ыллылар. Маны сэргэ, тыйаатар артыыстара уус-уран киинэлэргэ элбэхтик уhулуннулар. Холобур, “Саха снайпера” киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут Дьулустан СЕМЕНОВКА “СӨ үтүөлээх артыыhа” аат иҥэрилиннэ. Федот Львовпут “Мосфильмҥа” баран “Орда” киинэҕэ уhуллубута, киинэ сотору тахсыахтаах. Быйыл Анемподист Софронов-Алампа төрөөбүтэ 125 сылыгар, “Таптал” драманы туруоруохпут… Тыйаатырга билигин 17 артыыс үлэлиир. Быйыл Дьокуускай иhинээги оҕо тыйаатырдарын кэлэктииптэрин мунньан (оскуола устуудьуйаларын) улахан бэстибээли тэрийээри оҥостобут. Социальнай балаhыанньатынан көрөн, сорохторго киириитэ босхо буолуоҕа. -Алексей Прокопьевич, соhуччу ыйытыылаахпын. Тоҕо оҕо тыйаатырын дьиэтигэр түүҥҥү үҥкүүлэри тэрийэҕитий? Эҥин араас дьон кэлэн оҕо тыйаатырын тэпсэллэрэ сыыhа буолбатах дуо? -Биhиги эмиэ тугу эрэ аhыахпытын-сиэхпитин наада. Киириитэ 50 солкуобайдаах оҕо испиктээкилинэн харчыланан, кыаҕыран кэлбэккин. Оттон биhиги айанныахпытын, үлэбитин дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүөхпүтүн, ол сырыыларбытыгар үчүгэй, ис киирбэх маллаах-саллаах, таҥастаах-саптаах буолуохпутун наада. Онно барытыгар харчы эрэйиллэр. Атыннык дьаhанар кыах суох. Куорат ортотугар турар култуура дьиэтэ түүннэри-күнүстэри үлэлиэхтээх, үп-харчы була сатыахтаах. Оттон түүҥҥү үҥкүүгэ сылдьар дьон, култуура тэрилтэтигэр сылдьалларын өйдөөн-сыаналаан, бэйэ бодолорун тардыныахтаахтар. -Хайаан да ыйыттахпына сатаныыhы… Былырыын “Саха” НКИК “Голубой огонегар” эйигин тэлэбиисэринэн көрбүт дьон олус соhуйбуттара. “Алексей Павлов ити туох айылаах ыран-дьүдэйэн хаалбытай?” диэн ыйыталаhааччы элбэх этэ. -Икки сыллааҕыта, күhүн командировкаҕа бараары сырыттахпына, түөhүм иhэ аhый да аhый буолар, хаамтым да тута сылайабын, ап-аҕылас буолабын. “Хайыах баҕайыбыный?” диэн бэркэ саарбахтаан баран, улууска командировкабар баран хааллым. Ол сылдьан үhүс күммэр ыарыыбын тулуйбакка куоракка төннөн кэллим. Ыарыы обургу ыбылы ылан иhэр эбит. Бэрт өр көрөн, чинчийэн баран “ишемическая болезнь сердца, стенокардия” диэн быhаарбыттара. Быhата, сүрэгим тымырдара бүөлэнэн эрэллэр эбит этэ. Онуоха П.И.Захаров диэн бэйэбит хирурбут олус эппиэтинэстээх, сэрэхтээх да диэххэ сөп, уустук эпэрээссийэни оҥорон күн сиригэр төнүннэрбитэ. Төhө бэркэ иhиллэрин билбэппин, ол эрээри, судургутук эттэххэ, атаҕым үс улахан тымырын “көhөрөн” ылан сүрэхпэр олордон биэрбиттэрэ. -Тута тупса түстүҥ? -Күн аайы биирдии чаас сибиэhэй салгыҥҥа хаамабын, сарсыарда сэрээккэлиибин, диетаны тутуhабын. Арыылааҕы-сыалааҕы, бурдук аhы сиирим көҥүллэммэт. Ол оннугар оҕуруот аhын, фруктаны төhө баҕарар сиибин. Сөбүлүүбүн даҕаны. Ол эпэрээссийэлэнэн баран ырбытым. Билигин сылдьарбар чэпчэки, аҕылаабаппын. -Алексей Прокопьевич, сааhыҥ хаhыҥ буолла? -Ээ, дьиҥинэн, сааспар холооно суох эдэр көрүҥнээхпин дии сананабын. Сааспын эппэппин, кэрэ аҥардар ону истэн “аhара кырдьыҕас эбит” диэн атыҥырыы саныахтара… -Эйигин “көрдөөх-нардаах, бэhиэлэй киhи” уобараhыгар киинэҕэ элбэхтик көрөбүт. -Оннук… Ол эрээри бэйэм киинэҕэ толорбут оруолларбын көрөн одьас астыммаппын. Наар “ити оннугар атыннык туттубутум буоллар…”, “бу кэриэтин маннык саҥарбытым буоллар” дии саныыбын. -Арассыыйа ханаалыгар юмористар адьас “былааhы ыллылар”, экрантан түспэттэр. Ити биhиэхэ “Аншлаг” курдук сахалыы биэрии, көрдөөх монолог тоҕо кыаллыбатый? -Көр-күлүү, монолог жанра олус уустук. Олус элбэх бириэмэни, сыраны-хараны эрэйэр. Мин билигин “хайдах эрэ тыйаатырбын атаҕар туруорбут эрэ киhи!” диэн санаалаахпын. -Юморист Аркадий Новиков эн доҕоруҥ дуу, конкуреныҥ дуу? -Аркадий – үөлээннээҕим. Мэҥэҕэ бардахпына наар киниэхэ хонобун-өрүүбүн. Бастаан билсиибит да бэрт дьикти этэ. Арай туран, бэрт өрдөөҕүтэ, оччотооҕуга кини Мэҥэ-Хаҥалас Төхтүрүгэр кулууп дириэктэринэн үлэлии сылдьар кэмэ этэ… Төхтүргэ кулуупка тиийбиппит, биир тыла суох киhи баар. Илиитин чочоҥнотон, сирэйин-хараҕын ханньаҥнатан-тардыалатан “кэпсэтэр”. Биhиги “оо, кулууптарын дириэктэрдэрэ барахсан тыла суох эбит дии, хайдах дьону кытта быhаарсан үлэлиир баҕайытай?” диэн олус соhуйа, сөҕө, аhына санаатыбыт. Онтон кэнсиэрбит бүппүтүн кэннэ киhибит: “Дьэ, бэртээхэй кэнсиэр буолла” диэн күллэрэн өлөртүү сыспыта. Дьэ оччоттон дьээбэлээх-хооболоох киhи. -Оттон эн бэйэҥ дьиҥнээх олоххор төhө бэhиэлэй киhигиний? -Дьон сиэринэн. Ардыгар улаханнык кыыhыран бурҕаллан да туруохпун сөп. Ол эрээри… түргэнник аhарынабын. Ити курдук, Алексей Павловтыын Медкиин балаататыгар олорон бэрт элбэҕи сэhэргэстибит. Кини остуолугар турбут бытыылкалаах дьөлүhүөн утаҕын барытын иhэн уонна виноградын ньылбы сиэн кэбистим. Киhим “адьас харыстаама, сиэн ис, миэхэ виноград элбээ-ээх, буолунай,” диир. -Алексей Прокопьевич, түргэнник үтүөр уонна айымньылаах үлэҕинэн бар дьоҥҥун өссө да үөрдэ-көтүтэ тур! Светлана Тимофеева “Кыым” хаhыат, олунньу 3 күнэ, 2011, чэппиэр Поделиться в WhatsApp