Күндү доҕоттоор! 🤗
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатырын кэллэктиибэ Сахабыт сирин олохтоохторун уонна ыалдьыттарын бүгүҥҥү үөрүүлээх бэлиэ түгэнинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн итиитик — истиҥник ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!💐🥳🤗
Муус устар 27 күнэ саха норуотун историятыгар ураты суолталаах бэлиэ күн👏🏻☝🏻1922 сыллаахха, бу күн саха норуотун чулуу уолаттара Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков Саха сирэ Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ буоларын ситиспиттэрэ👏🏻👍🏻 Ол саха омуга сайдыытыгар улахан төһүү күүс, бигэ тирэх буолбута👏🏻✨
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын төрүттэниитэ – экэниэмикэ, бырамыысыланнас, социальнай эйгэ, билим, үөрэх, доруобуйа харыстабыла сайдыытыгар бигэ акылааты уурбута. Култуурабыт, духуобунаспыт өрө тутуллан, өрөспүүбүлүкэбит элбэх омуктаах норуота сомоҕолоһон, олох үрдүк үтүө таһымыгар дьулуспута. Ити кэмтэн ыла үгүс сыл устата Саха сирэ – дойду социальнай-экономическай сайдыытыгар, Арассыыйа норуоттарын баай култууратыгар бэйэтин дьоһун кылаатын киллэрэн кэллэ✨☝🏻🤗
Бу үөрүүлээх күҥҥэ ис сүрэхтэн тиэрдэбит барыгытыгар дьолу-соргуну, чэгиэн-чэбдик буолууну, үлэҕитигэр уонна тус олоххутугар ситиһиилэри! 🥳🍀✨
Дорогие друзья!🤗
Коллектив Государственного театра юного зрителя Республики Саха (Якутия)🎭 сердечно поздравляет всех жителей и гостей нашей необъятной республики — с Днем Республики Саха (Якутия)! 🥳👏🏻✨
27 апреля 1922 года стало важнейшей датой в истории республики☝🏻👍🏻 В этот день мы чтим память основателей Якутской АССР: Максима Аммосова, Платона Ойунского, Исидора Барахова, Степана Аржакова и других знаковых общественных и политических деятелей👏🏻☝🏻
Обретенный почти век назад статус автономной республики в составе Российской Федерации, стал мощным стимулом для создания промышленности, развития всех сфер экономики и социальной сферы, образования и науки, здравоохранения, сохранения и развития национальных языков, прогресса в области культуры и искусства💪🏻👏🏻
В этот замечательный день✨ от всей души желаем крепкого здоровья, благополучия, согласия, уверенности в завтрашнем дне!🤗🍀✨