газета “САХА СИРЭ” от 20 МАРТА 2012г. Үүнэр көлүөнэ театрын айар труппата быйылгы 20 сыллаах сезонугар сонун спектакллары бэлэх уунар. Кулун тутар 20-21 күннэригэр Өксөкүлээх Өлөксөй саха интеллигенциятыгар Суругун 100 сылынан «Олох — түүл» театрализованней дьүһүйүү сценаҕа туруо. Улуу бөлүһүөк үйэлээх айымньытын искусство абылаҥнаак күүһүнэн ыччакка режиссер быһыытынан театр уус-уран салайааччыта, РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР народнай артыыһа Алексей Прокопьевич Павлов тиэрдэр.
Саргынаана ДАНИЛОВА
— Өксөкүлээх Өлөксөй суруйуулара сүүс сыл ааспытын да кэнниттэн биһиги олохпутугар син биир тоҕоостоохтор, улаханныын, оҕолуун үөрэх кэриэтэ ылынабыт. Кини интеллигенцияҕа Суруга, «Ойуун түүлэ» сүдү поэмата бары эйгэни хабаннар, тулалыыр айылҕабытыттан саҕалаан сиэр-майгы, арыгылааһын кыһалҕатын, олохпут укулаатын барытын таарыйаллар. Кини инникини өтө көрүүтэ бу айымньыларга сөҥ тылынан түмүллэ сылдьар. Биһиги театрализованнай дьүһүйүү оҥорон, суруйааччы хоһоонноруттан, поэматыттан саҕалаан, тойукпутун, оһуохайбытын, үҥкүүбүтүн дьүөрэлээн хаптыбыт. Аны манна араас субкультура — рэп, брейк, иһинэн хамсанар үҥкүү ыччакка сабыдыалын таарыйабыт. Бу үлэбитин билиҥҥи кэм оҕото ылынарыгар, олох үтүө, кэдэрги өттүн таба сыаналыы өйдүүрүгэр улуу бөлүһүөк нэһилиэстибэтин, төһүү күүс оҥостон тиэрдэргэ дьулуһабыт. Тыа сиригэр олорор, сүөһүлээх-астаах, отчут-масчыт саха ыалын билиҥҥитин арыйыахпыт, этэргэ дылы, “баһыттан-атаҕар” диэри көрдөрүөхпүт. Ийэлээх aҕa, оҕо оруолларын театр артыыстара Анна Флегонтова- Иванова, СР культуратын туйгуна Юрий Афанасьев, Катя Семенова оонньуохтара.
Кулаковскай сүүс сыллааҕыта кытайдар кэлиилэрин өтө көрбүтүн, сэрэппитин курдук билигин биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар кинилэр номнуо үөрэннилэр. Бэл диэтэххэ, унтуубутуттан, симэхпититтэн, быһахпытыттан саҕалаан барытыгар ылсан эрэллэр. Миграция боппypyohyгap тохтуохпут. Сценаҕа Кавказ, Орто Азия дьонун көһөн кэлиитэ көстөр. Онно биһиги оҕолорбутун икки өттүттэн өйдөөхтүк-төйдөөхтүк сыһыаннаһарга үөрэтэбит. Биһиги культурабытын биллиннэр, тылбытын-өспүтүн өйдүүр, ырыабытын-тойукпутун, үгэспитин, сиэрбитин-туоммутун ытыктыыр буоллуннар диэн кэлии дьоҥҥо, биллэриэх тустаахпыт. Ол туһугар үлэлиэхтээхпит, дьаһаныахтаахпыт, биир тылы булан, бу сиргэ эйэ-дэмнээхтик олоруохтаахпыт. Духуобунай баайбытын, төрүт сыаннаспытын ыччаппытыгар иҥэрэммит, тылбытын-өспүтүн сүтэрбэккэ, барытын лөглөччү көлүөнэттэн көлүөнэҕэ утуму биэрэн салҕаатахпытына, глобализацияҕа тулуктаһаммыт, наһаа оҕустарыахпыт суоҕа. Быыһанар сүрүн суолбут итиннэ сытар.. Айылҕабыт темата, Байанайга сүгүрүйүү дьүһүйүүгэ биир сүрүн миэстэни ылар. Тулалыыр эйгэбитин харыстаабатахха, букатын да эстиэхпит, куһаҕаны оҥорорбут
барыта хардалаах, иэстэбиллээх буоларыныы, айылҕа төрөөбүт ийэбит, аҕабыт кэриэтэ. Айылҕа сокуонун кэһиллиитин, ууну былдьаһан, этиһэн, охсуһан, баттахтара түһэн хаалбыт, харахтара оспойбут чиччик дьонунан ойуулаан, маннык иэдээн ааҥнаабатын сэрэтэбит.
Сүүс сыл — бириэмэ сүүрэ, эргийэ турар. Спектакль сүрүн бэлиэтинэн сценаҕа улахан кумах чаһыны туруорабыт. Кумах сүүрүк кэриэтэ кутулла оҕуста да, чаһыбытын төттөрү эргитэн биэрэбит. Өксөкүлээх Өлөксөй суруйбута кэриэс-хомуруос хаалларбыта билигин да бириэмэҕэ, кэм-кэрдии ыйыытыгар бэриммэт сүдү суолталаах. Ол да иһин бу үлэҕэ ылсыах иннинэ бары Өксөкүлээх Суругун aaҕaн ырыппыппыт. Итиэннэ ону биһиги ыччаппытыгар тиэрдэрбит ытык аналбыт буоларын өйдүүбүт, — диир дьүһүйүү режиссера.