Сэтинньи 25 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатыра «Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор» испэктээги «Айыы кыһатыгар» түөрт төгүл төхтөрүйэн туруорда, олоҥхо декадатын чаҕылхайдык арыйда.
Оҕо-аймах тоҕуоруһа мустубут саалатыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара Реас Кулаковскай олоҥхотун дьоруойдарын билиһиннэрдилэр. Дьоруойдар таҥастарын-саптарын, тутта-хапта сылдьалларын, ырыаларын-тойуктарын оҕолор биһирии көрдүлэр. Тулалыыр эйгэни уонна айылҕаны харыстыырга угуйар этно-синтез испэктээк киэҥ сэҥээриини ылыан ылла.
Кэнчээри ыччакка испэктээк нөҥүө биһиги Орто дойдубутугар кыраттан улаханыгар тиийэ тыынар тыыннаах, быыкаа үөнтэн саҕалаан улахан кыылларга тиийэ хамсыыр харамай олоҕо киһи аймах олоҕор быһаччы сыһыаннааҕын көрдөрөн, кэбирэх уонна кэрэ айылҕаны таптыырга уһуйан, төрүт үгэстэри иҥэрэргэ, фольклор көрүҥнэрин үөрэтэргэ, төрөөбүт тылбытын уһуйарга төһүү күүс буолуо диэн бигэ эрэллээхпит.
ҮКТ пресс-киинэ
#ОртодойдуолохтооҕоОрдьоотоҕонньориспэктээкАйыыкыһатыгарОлоҥходекадатынарыйда
#ТеатрюногозрителяЯкутииРСЯ