Оҕо көмүскэлин күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатыра
Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон пьесатыгар олоҕуран «Көтөрдөр хоту көтөллөр» испэктээкилгэ ыҥырар
Бэс ыйын 1 күнүгэр, киэһэ 18:00 ч., СӨ үтүөлээх артыыската Мария Данилова салайааччылаах «ҮКТэн» оҕо тыйаатырын устуудьуйата Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон пьесатыгар олоҕуран «Көтөрдөр хоту көтөллөр» испэктээкили көрдөрөр.
«ҮКТэн» оҕо тыйаатырын устуудьуйатын бастакы премьератыгар көтөрдөр олоххо тардыһар күүһү, сырдыкка дьулуһар кыаҕы хайдах булбуттарын туһунан билиэххит.
Кэлиҥ! Сылдьыҥ! Сэргэхсийиҥ!
Салайааччы – СӨ үтүөлээх артыыската Мария Данилова.
Режиссер уонна худуоһунньук – СӨ култууратын туйгуна Прасковья Павлова.
Уһуйааччылар – СӨ үтүөлээх артыыската Анна Флегонтова,
тыйаатыр артыыстара Татьяна Хомподоева, Елизавета Далбараева, Айталыына Яковлева, Мичил Хомподоев, Сергей Эверстов.
Уһуна – 50 мүн.
Билсэр төлөпүөннэргит: 43-35- 90; 43-43-28.