Чаҕылхай күннээх саҥаттан көмус куһуммут бастакы күнэ үүммүтүнэн, саҥа уөрэх дьыла саҕаламмытынан бары кыралыын-улаханныын үөрэ көрсөр, киэҥ аана арыллыбыт оскуолабыт таһыгар мустан то5уорустубут. Бу саҥа уерэх дьылын аһыллыыта ураты, оскуола историятыгар өйдөбүнньүк буолан хаалар ис хоһоонноох буолла. Быйыл тыа сыла буоларынан Дьокуускай куорат тэрилтэлэрэ улуустары кытта шефтэһэн араас хабааннаах үлэлэри ыыта сылдьаллара oлус хайҕаллаах. Онтон культура хайысхатынан Бүлүү улууһун кытта Үүнэр көлүөнэ театра киэн программанан улэлэ сылдьар. Бу программа чэрчитинэн Бүлүү улууһун бастакы нэһилиэгэр биһиэхэ бугун Дьокуускай куораттан айаннаан культурнай программалаах 24 буолан ыалдьыттыы кэллилэр ураты суоллаах-иистээх, дьон олус сөбүлээн сылдьар Үүнэр көлүөнэ театрын, айар идэлээх талааннаах, көхтөөх ытыс тыастаах көрөөччулээх артыыстара. Кинилэр истэригэр бааллар Саха норуотун кутун туппут, сүргэтин көтөхпүт, сүдү көрдөөх артыыстар:
РФ культуратын үтүөлээх улэһитэ, CP норуоднай артыыһа, художественнай салайааччы-директор Алексей Прокопьевич Павлов;
CP үтүөлээх артыыската, режиссер Якимец Валентина Афанасьевна;
CP культуратын туйгуна Аммосова Татьяна Васильевна;
CP культуратын үтүөлээх деятелэ, кылаабынай режиссер Титигиров Александр Васильевич.
Оскуола боруогун аан маннай атыллаан 9 о5о уерэнэ киирдэ: икки эр бэрдэ уолаттар уонна 7 кыталык кыргыттар. Бу кырачаан о5олору ытыһым үрдүгэр туһэрэр, билии эйгэтин устун айаннатар сүрүн сорук миэхэ ананна. О5олор үөрэнээччи аатын ылар, оскуолатааҕы олохторо саҕаланнаҕа.
Бу билии кунэ өйдөбүл буолуо5а быйыл оскуоланы бүтэрэччи выпускниктарбытыгар уонна кинилэр учууталларыгар Алексеева Маргарита Романовна5а. Оскуола5а 11-с сылларын үөрэнэр, эппиэтинэстээх yoнна түбүктээх кэмнэрэ, ону тэҥэ о5о саастыын арахсар күннэрэ чугаһыыр да буоллаҕа. Аан маҥнай киирэр уонна оскуоланы бутэртэччи оҕолор мустан туpaн Билии Королевата туттарбыт салгын саардарыгар ба5а санааларын этэн киэҥ халлааҥҥа көтүппүттэрэ туоллун диэн алгыыбыт.
Оҕолор санааларын иһиттэххэ, бары бу күнтэн астыммыттарын, дуоһуйбуттарын биллэрдилэр. Театр артыыстара 7 — 11 кылаастарга кылаас чаастарыгар киирэн киинэ, искусство туһунан элбэ5и кэпсээн о5олор билиилэрин хаҥаттылар, ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Бу күһүҥҥү бастакы күнү, билии күнүн киэргэппит, истиҥ эҕэрдэлэрин эппит, оскуола кырачааннарыгар 1 кылаас оҕолоругар уонна 11 кылаас выпускниктарыгар, учууталларга, оскуолаҕа бэртээхэй бэлэхтэрин туттарбыт, алгыстаах ырыаларын ыллаабыт, программа чэрчитинэн анаан кулууп дьиэҕэ оонньууларын көрдөрбүт Үүнэр көлүөнэ театрын артыыстарыгар барҕа махталбытын, баһыыба бастыҥын тиэрдэбит, айымньылаах үлэлэргэ тугунан да кэмнэммэт үөрүүнэн эрэ туоллун диэн уруйдуубут-айхаллыыбыт.
Оскуолабыт директорыгар Андреева Дарианна Николаевнаҕа уонна бары учууталларга түбүктээх үлэҕит үчүгэй түмүктэрдээх буоларыгар, үрдүк ситиһиилэри, оҕолорго үрдүк көрдөрүүлээх үөрэҕи, саҥатаан-саҥа билиини, арыйыыны, үтүөнү баҕарабыт. “Кэскил” үлэһиттэрин саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит
Тарасова Л.С., “Көмүс бүрүө” пресс-киин
Илбэҥэ, Бүлүү улууһа