Бүгүн, ИЙЭ ТЫЛБЫТ күнүгэр, сиэним кылааһынаан ТЮЗ-ка сылдьан «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» спектаклын көрдүбүт. О5олор олус үчүгэй спектакльга сырыттыбыт диэн, кэпсээн-ипсээн, харахтара уоттанан, үөрэн-көтөн, күө-дьаа дьиэлэригэр тар5астылар. Бэйбэрикээн эмээхсини, Хаардьыт Бэргэни уонна «ведьманы»
(абааһы кыыһын бэйэлэрин тылларынан ааттыыллар) наһаа сөбүлээбиттэр,
бэл, ынахтарын көрдөһөн, көмөлөһөн хаһыытаан да биэрдилэр, абааһы кыыһа күөрчэ5и сиэбитигэр, «… сиэмээ, ити эбээ күөрчэ5э» — диэн көҥөннүлэр а5ай….
Аны Хаардьыт Бэргэн а5ата Хай5амсык Хара Хаан кийиитигэр киэргэл кэтэрдээри гыммытыгар: «… Биэримээ, ити » ведьма»диэн буолла…
О5о холугар сөптөөх хронометражтаах, кырачаан көрөөччүлэри биллибэтинэн бэйэлэрин кытыннарар, олус сэргэх, киһи сүргэтин көтө5өр бэртээхэй спектаклы көрөн астынныбыт.
Дьокуускай куорат олохтоо5о Мария Михайловна Петрова.